Алдаҥҥа модульнай успуорт саалатын тутуохтара

Share

Алдан гимназиятыгар модульнай успуорт саалатын тутуохтара. Бүгүн, от ыйын 8 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев саҥа эбийиэк тутуутун, ону таһынан аһаҕас успуорт былаһааккатын саҥардыытын үлэтин бэрэбиэркэлээтэ.

Эрдэ үөрэнээччилэри физкултуура уруогар оптуобуһунан успуорт оскуолатын «Металлург» стадионугар илдьэллэр этэ. Саҥа саала тутуллуннаҕына оҕолор бэйэлэрин гимназияларыгар үөрэнэр буолуохтара.

Успуорт комплексын тутуута Ил Дархан Алдан оройуонун 2030 сылга диэри сайдыытын туһунан ыйааҕын чэрчитинэн ыытыллар.

Билигин эбийиэк фундаменын оҥоро сылдьаллар.

Айсен Николаев оройуон дьаһалтата уонна үөрэх департамена араас бырагыраамаларга көхтөөхтүк кытталларын бэлиэтээтэ.

«Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн маннык курдук үс успуорт комплекса тутулла турар. Иккитэ — Дьокуускайга, биирэ — Алдаҥҥа. Ону таһынан, мин ыйаахпынан, оройуоҥҥа 2030 сылга диэри 13-тэн аҕыйаҕа суох үөрэх эбийиэгэ, 11 култуура уонна сынньалаҥ учреждениета хапытаалынай өрөмүөннэниэҕэ уонна тутуллуоҕа», — диэтэ Ил Дархан.

Ол курдук, бүгүн лиссиэй фасадын өрөмүөнэ түмүктэннэ. 2024 сылга өссө үс үөрэх кыһатын фасада оҥоһуллуоҕа. Итиэннэ 2025 сылга саҥа оскуола уонна уһуйаан тутуллуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago