Алдаҥҥа оптуобус түҥнэстиитин туһунан Саха сирин Госавтоинспекциятыгар кэпсээтилэр
Алдаҥҥа бэҕэһээ оптуобус түҥнэстиитигэр түөрт киһи тыына быстыбыта, отут киһи эчэйбитэ, биир киһи туох да буолбатаҕа. Быһылаан туһунан Госавтоинспекция сиһилии иһитиннэрдэ.
Оптуобуһу 1987 с.т. эр киһи ыытан испит. Кини В, В1, (AS) D уонна D1 суоппар категориялардаах, курун бааммыт. Саахалга ыарахан эчэйиилэри ылбыт, билигин реанимацияҕа сытар. Бэрэбиэркэ быһаарбытынан, суоппар бу сыл иһигэр страховкатын уһаппакка административнай эппиэтинэскэ тардылла сылдьыбыт.
Оптуобус пассажирдары тиэйэр лиссиэнсийэлээх, тиэхиньиичэскэй көрдөрүүнү ааспыт, ОСАГО полиһынан страховкалаах эбит.
Саахал бэҕэһээ, балаҕан ыйын 10 күнүгэр, «Лена» федеральнай суол 540-с килэмиэтиригэр буолбут. Оптуобус Чульман аэропордуттан Алдан куоракка айаннаан испит. Суол токур учаастагар тыраассаттан тахсыбыт, барьеры тырааннаабыт уонна түҥнэстибит. Бу күн инчэҕэй хаар түһэ турбут, +5 кыраадыс. Госавтоинспекция дааннайынан, оптуобус солуонугар 34 пассажир олорсон испит.
Саахалга 1975, 1961, 1963 с.т. эр дьон уонна 1968 с.т. дьахтар тыыннара быстыбыт. Алдан оройуоннааҕы балыыһатыгар 14 киһи госпитализацияламмыт, түөрт киһи ыарахан туруктаах. Биэс киһини санрейсинэн Дьокуускайга аҕалыахтара. Атын эчэйээччилэр амбулаторнайдык эмтэниэхтэрэ.
Суол саахалын төрүөттэрин силиэстийэ быһаарыаҕа. Холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: