Алдаҥҥа «Сэвэки» бэстибээл ыытылынна
Алдаҥҥа этнографическай-култуурунай комплекс территориятыгар «Сэвэки» эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы эбэҥкилэр бэстибээллэрэ буолан ааста.
Алдан улууһун Хатыстыыр уонна Томмот эбэҥкилэрэ Забайкальскай уонна Хабаровскай кыраайтан, Бурятияттан, Булуҥтан, Өлөөнтөн, Өлүөхүмэттэн уонна Дьокуускай куораттан эбэҥки общиналарын бэрэстэбиитэллэрин көрүстүлэр. Бэстибээл Алдан сиригэр аан бастакытын ыытылынна. Тэрээһин «Арассыыйа култууратын пуондата» гранынан «Прогресс» АНУо көҕүлээһининэн ыытылынна.
Адан куоратын олохтоохторо уонна ыалдьыттар эбэҥки норуотун национальнай үгэстэрин, айымньыларын, үһүйээннэрин, номохторун, испиктээктэрин көрдүлэр. Ону сэргэ эбэҥки норуотун аһын-үөлүн астаан көрдүлэр уонна амсайдылар, араас таһымнаах маастар-кылаастарга кытыннылар. Ону таһынан сэрэбиэйдьит, алгысчыт, өтө көрөөччү Тайаана Никифорова кумааҕынан ким баҕалаахха сэрэбиэй ыытта, инники дьылҕаларын кистэлэҥнэрин арыйда. Итиник ытта ураһаларынан маастардар таба уҥуоҕуттан, кумалаантан, оҕуруонан тиһиллибит таҥастары, киэргэллэри уонна оҥоһуктары көрдөрдүлэр.
Хаартыска, видео «Алданский рабочий» хаһыат
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: