Алдаҥҥа суол саахалыгар 40 саастаах дьахтар эчэйдэ
23.12.2024, 09:49
Мария Васильева (СИА)хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр.
Дьокуускайга 1961 с.т. эр киһи доруобуйатын улаханнык эчэппиттэр. Итиэннэ киин куоракка төлөпүөн уонна баан каартатын уорбуттарын, «Тойота Марк 2» массыынаны угуоннаабыттарын туһунан иһитиннэрбиттэр.
Оттон Намҥа «Ниссан Датсун» массыынаны уорбуттар.
Киһи өлүүлээх суол саахала бэлиэтэммэтэх.
Алдан оройуонун Ленинскэй бөһүөлэгэр 1969 с.т. суоппар дьахтар «Тойота Краун» массыынатын сатаан салайбакка, «Тойота Калдина» массыынаҕа тиийэн түспүт. Ол түмүгэр «Тойота Крауҥҥа» олорсон испит 40 саастаах дьахтар госпитализацияламмыт.
Суукка иһигэр итирик туруктаах сэттэ суоппары туттулар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
2
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: