ВИДЕО. Алдаҥҥа торҕоннообут эһэ булчуту эчэппит, ыты сиэбит
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна ыты сиэбитин туһунан иһитиннэрии тарҕанар.
Видеоҕа булчут кэпсииринэн, эһэ биир булчут суолун батыһан үүтээҥҥэ тиийбит. Алдан оройуонун ЕДСС сулууспатыгар иһитиннэрбиттэринэн, быһылаан Кутана сэлиэнньэтиттэн 10 хонук анараа өттүгэр тахсыбыт.
«Быраллаан иһитиннэриинэн, торҕоннообут эһэ Кутана сэлиэнньэтиттэн чугас 10 хонук анаараа өттүгэр киһиэхэ саба түспүтэ биллэр. Алдан оройуонун экологическай надзорун салалтата эһэни кытта көрсүбүт булчуттары кытта сибээстэһэр уонна быһылаан тахсыбытын сиһилии чуолкайдыыр. Тыа сиригэр мөлтөх сибээһинэн уустуктары үөскэтэр», — диэн ЕДДС диспетчера СИА-ҕа иһитиннэрдэ.
ЕДДС бэлиэтээбиттэринэн, Алдан оройуонугар Кутана уонна сэтинньи 1 күнүгэр Томмот таһыгар торҕоннообут эһэ көрбүттэрин туһунан иһитиннэрии нэдиэлэ анараа өттүгэр киирбит. Бу эһэлэри бултаан өлөрбүттэрэ биллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: