ВИДЕО. Алдаҥҥа торҕоннообут эһэ булчуту эчэппит, ыты сиэбит

Share

Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна ыты сиэбитин туһунан иһитиннэрии  тарҕанар.

Видеоҕа булчут кэпсииринэн, эһэ биир булчут суолун батыһан үүтээҥҥэ тиийбит. Алдан оройуонун ЕДСС сулууспатыгар иһитиннэрбиттэринэн, быһылаан Кутана сэлиэнньэтиттэн 10 хонук анараа өттүгэр тахсыбыт.

«Быраллаан иһитиннэриинэн, торҕоннообут эһэ Кутана сэлиэнньэтиттэн чугас 10 хонук анаараа өттүгэр киһиэхэ саба түспүтэ биллэр. Алдан оройуонун экологическай надзорун салалтата эһэни кытта көрсүбүт булчуттары кытта сибээстэһэр уонна быһылаан тахсыбытын сиһилии чуолкайдыыр. Тыа сиригэр мөлтөх сибээһинэн уустуктары үөскэтэр», — диэн ЕДДС диспетчера СИА-ҕа иһитиннэрдэ.

ЕДДС бэлиэтээбиттэринэн, Алдан оройуонугар Кутана уонна сэтинньи 1 күнүгэр Томмот таһыгар торҕоннообут эһэ көрбүттэрин туһунан иһитиннэрии нэдиэлэ анараа өттүгэр киирбит. Бу эһэлэри бултаан өлөрбүттэрэ биллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирэ ойууру чөлүгэр түһэриигэ бастыҥ буолла

«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор оскуола эбии дьиэтэ тутуллар

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньы 14-15 күннэригэр сылаас өрөбүл күннэр күүтэллэр

Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата  нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госдуума ахсынньы 31 күнүн үлэлээбэт бырааһынньык күнүнэн оҥорортон аккаастанна

Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…

45 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Дэриэбинэчээн” норуодунай аата көмүскэннэ!

Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Бүлүүгэ дьахтар 32 киилэлээх гиирэни уонна аккумуляторы уорбут

Бүлүү оройуонугар полицияҕа олохтоох киһи дьиэтин иһиттэн маллары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини дьиэтиттэн 32…

2 часа ago