Алдаҥҥа түөкүннээһиҥҥэ уорбаланар бөлөҕү туттулар
Алдан оройуонугар түөкүннээһиҥҥэ уорбаланар бөлөҕү туттулар. Алдан оройуонун силиэстийэлиир управлениетын салаата түөкүннээһиҥҥэ уорбаланар дьыаланы силиэстийэлээн түмүктээтилэр.
Онно биллибитинэн, Алдан оройуонун түөрт олохтооҕо, иккитэ урукку өттүгэр ГИБДД үлэһиттэрэ атын киһи баайын-дуолун иҥэриниигэ түөкүннээбиттэр. Ол курдук страховкалааһын үлэтин оҥорууга эрдэттэн сүбэлэһэн баран дуоһунастарын туһанан дьон сокуоннай быраабын кэһиини оҥорбуттар. Ааспыт сыл кулун тутар ыйыгар уорбаланааччылар Алдан куоракка сылдьан эрдэттэн алдьаммыт массыыналары суолга таһааран харсыспыт курдук оҥорбуттар. Ити кэннэ ДПС иниспиэктэрдэрэ административнай быраабы кэһии матырыйаалын, суол саахалын схематын сымыйанан оҥорбуттар. Ити кэннэ страховкалыыр хампаанньаҕа тиийэн харчы ылбыттар. Онон страховкалыыр хампаанньаҕа улахан хоромньуну оҥорбуттар. Силиэстийэ элбэх сөптөөх дакаастабылы хомуйуута буруйдуур түмүктэри оҥороругар төрүөт буолбут.
Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 159.5 ыст. 2 уонна 3 ч. (страховка эйгэтигэр түөкүннээһин, эрдэттэн сүбэлэһэн баран атын киһи баайын-дуолун иҥэринии), ону сэргэ 292 ыст. 2 ч. (тус барыһырыыны толкуйдаан үлэ эбээһинэһин туһаныы, дьон сокуоннай интэриэстэрин кэһии) диэнинэн буруйданаллар. Манан сибээстээн холуобунай дьыала тэриллибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: