Алдаҥҥа зондировщик-салгын аала сөҥүүнү күүһүрдэр

Share

Киин аэрологическай обсерватория Як-40 «Метео» зондировщик-салгын аала бүгүн, от ыйын 15  күнүгэр, Алдаҥҥа сөҥүүнү күүһүртэ.

Улууска уопсайа 210 тыһ. гектар иэннээх сири хаппыт 35 ойуур баһаара бэлиэтэнэр.

«Биир баһаар хонтуруолланар сиргэ, Чагда сэлиэнньэтигэр киирсэр сиргэ-уокка баар. Нэһилиэнньэлээх пуунтан  100-тэн тахса км. тэйиччи. Бүгүн онно салгын аала былыты ардахтатарга үлэлээтэ.  Киэһээҥҥи мунньахха иһитиннэрбиттэринэн, нэһилиэнньэлээх пууннарга чугас икки ойуур баһаарыгар сөҥүү түспүт. Уот Угайаантан уонна Кутанаттан чугас«, — диэн этэр СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников.

Кини сарсын, от ыйын 16 күнүгэр, «Атмосфера» Ан-26 уустук балаһыанньалаах Өлүөхүмэ улууһугар үлэлии көтөрүн этэр.

Улууска уопсайа 193 тыһ.га иэннээх сири хаппыт 32 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Нэһилиэнньэлээх пууннартан 15 км тэйиччи биэс ойуур баһаара баар (Бэс Күөлгэ, Куду Күөлгэ, Дабааҥҥа, Хороҕо, Тээнэҕэ).

«Буруоттан мэһэйдэтэн онно баһаары умуруорууга эбии күүстэри кыайан тиэрдибэккэ сылдьабыт. Маны сэргэ, Өлүөхүмэҕэ заповедникка эмиэ баһаар баар, онно күн-дьыл туран биэрдэ да парашютистары уонна десантниктары быраҕыахпыт«, — диир Садовников.

Хойуу буруо Ленскэй улууһугар бэлиэтэнэр. Онно бүгүҥҥү иһитиннэриинэн 11  ойуур баһаара баар (уот хаппыт уопсай иэнэ 3 тыһ.га). Туруктаттан 8 км сиргэ баар баһаар бохсуллубут.

Үөһээ Бүлүүгэ балаһыанньа уустук. Биэс баһаартан түөрдэ нэһилиэнньэлээх пууннартан чугас. Бу баһаардарга уоту утары охсуһар күүстэр эбиллэллэр.

Маны сэргэ, Мииринэйгэ Туой Хайа метеоыстаансыйатыгар уоту чугаһаппат курдук үлэ ыытыллар, онно 20-тэн тахса баһаарынай үлэлиир. Минерализованнай балаһаны оҥороллор.

Суһал ыстаап дааннайынан, Саха сиригэр 163 ойуур уонна 2 ландшафтнай баһаардар бэлиэтэнэллэр. Түөрт баһаар бохсуллубут, уот хаппыт уопсай иэнэ 45 тыһ. га, Кутана сэлиэнньэтиттэн чугас баар биир улахан баһаары киллэрэн туран (уот хаппыт иэнэ 40 тыһ. га).

Ойуур уотун умуруорууга 1800 кэриҥэ киһи, 127 тиэхиньикэ, авиация үлэлииллэр. Суукка устатыгар 7 ойуур баһаара умуруоруллубут (уот хаппыт иэнэ 5 тыһ.га).  Оттон уопсайа 805 га иэннээх сири хаппыт 11 ойуур баһаара булуллубут.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago