Алданнааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин устудьуоннара Доннааҕы Ростовка быраактыкаҕа бардылар
Бүгүн социальнай ситимнэргэ Алданнааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин устудьуоннара Доннааҕы Ростовка быраактыкаҕа тиийбиттэр диэн сонун иһилиннэ. Тугун, ханныгын билээри Алданнааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин үлэһиттэрин кытта сибээстэһэ сырыттыбыт.
Кэллиэс дириэктэрин үөрэх, иитии чааһыгар солбуйааччы Татьяна Орехова:
— Бастатан туран, устудьуоннар үөрэх быраактыкатын ааһар соруктаах волонтер быһыытынан Доннааҕы Ростов госпиталыгар бардылар. Иккиһинэн, мэдиссиинэ үөрэҕин тэрилтэтэ буоларбыт быһыытынан, миэдик-волонтердарбыт бааһырбыт байыастарга көмөлөһөр эмиэ соруктаахтар. Сэттэ киһилээх бөлөҕү кэллиэспит дириэктэрэ Николай Семенович Миронов салайан илдьэ барда. Икки ый устата быраактыкаланыахтаахтар. Бу биһиги аан маҥнайгы уопуппут. Билиҥҥитэ устудьуоннарбытын биһирииллэр, хайгыыллар.
“Сиэстэрэ дьыалата” исписээлинэскэ араас кууруска үөрэнэр устудьуоннар тиийдилэр, араас салааҕа быраактыкаларын ааһаллар. Бары ыарыһахтары көрүүгэ-истиигэ алын мэдиссиинэ персонала дастабырыанньалаахтар, муоста сууйуутунан, инструменнары обработкалааһыны эрэ оҥорботтор, мэдиссиинэ эбээһинэһин барытын толороллор – укуол туруораллар, бэрэбээскэлииллэр, мэдиссиинэ өттүнэн бары көмөнү оҥороллор.
Бары быраабыланы, ирдэбили тутуһан олороллор, төлөпүөнүнэн туһаналлара көҥүллэммэт. Уйулҕа, истириэһи тулуйуу – бары өттүнэн кэпсэтии барбыта.
Кэллиэс, кэлэктиип оҕолору бары өттүнэн өйүүр. Маҥнай баран олороллоругар анаан холодильник, микроволновай оһох, иһит-хомуос ылалларыгар үбүнэн көмөлөстүбүт. Астарын бэйэлэрэ буһарыналлар. Устудьуоннар үгүс уопуту иҥэринэн кэлэллэригэр эрэнэбит” – диэн кэпсиир.
Манна даҕатан эттэххэ, тустаах үөрэх кыһатын устудьуоннара коронавирус дьаҥа муҥутаан турар кэмигэр, кэллиэс баазатыгар аһыллыбыт уонна өрөспүүбүлүкэ араас обсерватордарыгар үлэлээн, көмөлөһөн, 27 оҕо Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ. Онон сылыктаатахха, чахчы дойдуга бэриниилээх исписэлиистэри иитэн таһаараллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: