Алданнааҕы политехникум көмүс хостооччулары бэлэмниир
Алданнааҕы политехникум 1996 сыллаахтан үлэлиир. Ол саҕана бырамыысыланнай оройуон ыччата ыраах баран үөрэнэр кыаҕа суоҕа. Техникум арыллыаҕыттан 2000 тахса ыччат орто исписээлинэһи ылан, дойдуларын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Оччоттон баччаҕа диэри техникум үөрэх сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылаан, билиҥҥи олох ирдэбилигэр толору эппиэттиир исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарар. Билигин филиалга уопсайа 247 ыччат үөрэнэ сылдьар, 9 ыстаатынай үлэһиттээх, 32 уһуйааччылаах. Алданнааҥы политехническай техникум билигин бырамыысыланнас оройуонугар идэлээх исписэлиистэри бэлэмниир биир бастыҥ үөрэх тэрилтэтэ буоларын дакаастыыр.
Филиал өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэммэт, бэйэтин бэйэтэ хааччынан олорор. Үөрэхтэрин бүтэрбит ыччат 70-80% идэтинэн үлэ булар. Үгүстэрэ салайар үлэҕэ, быраабы көмүскүүр уорганнарга ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сирэ бүгүҥҥү күҥҥэ сыллата 50 кэриҥэ туонна көмүһү хостуур, дойдуга иккис миэстэҕэ сылдьар. Көмүһү хостооһун — Саха сирин пионер-бырамыысыланнаһа. Бодойбо Саха уобалаһын састаабыгар киирэр эрдэҕиттэн, 19 үйэ иккис аҥаарыттан, көмүстээх бириискэлэр тигинэччи үлэлии турбуттара. Быйыл Саха сиригэр көмүһү хостооһун бырамыысыланнаһа 100 сылын бэлиэтиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: