Алдьархай ааҥныыр быатыгар…
Дьокуускайга балаҕан ыйыгар хаарбах тутуулартан сылтаан дьон эчэйиилээх, өлүүлээх иэдээннэр таҕыстылар. Ол курдук, реклама баннерын щитыгар баттатан дьахтар өлбүтэ, элбэх кыбартыыралаах дьиэ көтүрүллүбүт кирилиэһин бетон билиитэлэригэр оҕолор баттаппыттара, биир оҕо тыына быстыбыта, хас да сиргэ тохтобуллар сууллубуттара… Бу барыта эппиэтинэһэ суох дьалаҕай үлэ түмүгэр тахсыбыт иэдээннэр буолаллар. Итини кимнээх хонтуруоллууллар, эппиэтинэһи сүгэллэр?
Автодорожнай уулусса 40/9 №-дээх дьиэтин таһыгар күн кыһалҕата суох оҕолор күннэтэ оонньууллара… Биир оннук күн иэдээнинэн эргийбитэ. Дьиэ кэннинэн урукку маҕаһыын кирилиэһиттэн ордон хаалбыт бетон билиитэлэргэ оҕолор өрүү оонньууллар эбит. Бу сир оҕо оонньуур былаһааккатыттан чугас буолан, оҕолор хатааста, хамсыы турар билиитэ үрдүгэр хачайдана оонньууллар эбит. Иэдээн тахсар быатыгар, хамсыы турар билиитэ анныгар түөрт оҕо сылдьыбыт… Автодорожнай уулусса 40/9 аадырыска баар дьиэни «Строитель» салайар хампаанньа көрөр-истэр. Салайар хампаанньаҕа иһитиннэрбиттэринэн, оҕолор эмсэҕэлээбит кирилиэстэрэ дьиэ кэннинэн баар эбит. 2008 сыллаахха олорор дьиэни уларытан маҕаһыын оҥорбуттар. Ити кэм устата ити дьиэ хаһаайына түөртэ уларыйбыт. 2021 сыллаахха маҕаһыыны сабан, дьон олорор кыбартыыратыгар төттөрү уларыппыттар. Ол түмүгэр саҥа хаһаайын урукку маҕаһыын кирилиэһин көтүрэн саҕалаабыт. Алдьархай ааҥныыр быатыгар оҕолор ити кирилиэскэ оонньообуттар. Биэс саастаах уол уонна икки сэттэлээх кыргыттар улахан эчэйиилэри ылан балыыһаҕа киирбиттэрэ, оттон тоҕус саастаах кыыс суорума суолламмыта. Арассыыйа Федерациятын Холуобунай Кодексатын 109 ыст 1 ч. “Сэрэҕэ суох буолууттан өлүүгэ тиэрдии иһин” диэнинэн холуобунай дьыала тэриллибитэ.
Ольга, Автодорожнай уулусса олохтооҕо:
– Сыл ахсын оройуоммутугар оҕо эчэйиилээх араас иэдээн тахсар. Былырыын оҕолор умайан өлө сыспыттара, быйыл бу алдьархай буолла. Куорат дьаһалтата үчүгэйдик бэрэбиэркэлиэн наада. Туохпут барыта сап-саҕаттан салҕанан турар курдук. Оннооҕор улахан тыалга оптуобус тохтобула сууллубута уонна балачча уһуннук оннук сыппыта. Арай тохтобуллар кэннилэригэр дьон турбут буоллун?
Тыаллаах күн алдьархайа
Дьокуускайга өрүс пуордун оройуонугар реклама баннерын щита тыалтан сууллан, 58 саастаах дьахтар эмсэҕэлээбитэ. Кини улуустан куоракка дьаарбайа киирэ сылдьара. Аҕыйах хонон баран аҕам саастаах дьахтар ылбыт эчэйиититтэн олохтон туораабыта. Иэдээннээх күн биһиги кини балтын кытта сибээскэ тахсан кэпсэппиппит. Балта Екатерина Яковлева санаатын үллэстибитэ:
– Эдьиийбит Клавдия ылбыт эчэйиилэриттэн сылтаан, иккис эпэрээссийэни сүрэҕэ тулуйбакка, олохтон туораата. Тапталлаах ийэ, эбээ маннык быстахха былдьанан олохтон туоруура иэдээн буоллаҕа. Дьыала тиһэҕэр тиэрдиллэн, буруйдаах сокуон иннигэр эппиэттиэ диэн эрэнэбит. Эдьиийим көмүс уҥуоҕун дойдутугар, Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар таһаарабыт, – диэбитэ.
Ити күн улахан тыалга көтөр фабрикатын уонна Герман Титов аатынан уулуссаларга турар саҥа тохтобуллар сууллубуттара. Хата, тохтобуллар сууллууларыгар ким даҕаны эчэйбэтэҕэ.
Билигин Дьокуускай куорат дьаһалтатын сугулаанын түмүгүнэн, бары уокуруктарга дьон олорор элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин кирилиэстэрин, оҕо оонньуур былаһааккаларын, реклама щиттэрин сэрэхтээх буолууга бэрэбиэркэлиир үлэ саҕаламмыта. Ол курдук, ДСК оройуонун “Прометей” түөлбэтигэр дьаарыстаммыт бетон билиитэлэри булан тиэйтэрэр туһунан дьаһал ыытыллыбыта. Билигин маннык дьапталҕаламмыт билиитэлэр Воинскай уулуссаҕа “Гастроном” маҕаһыын таһыгар тураллар. Маны сэргэ, Герман Титов уулуссатыгар 2000 сыллартан ыла ситэ тутуллубакка турбут быраҕыллыбыт эргэ тутуу баар. Бу дьиэ үрдүнэн оҕолор көҥүл сүүрэллэр.
Сууллаары турар “козырек”-таах дьиэ элбэх
Дьокуускайга хаарбах туруктаах эргэ дьиэлэр кырыыһалара, киирии аан үрдүнээҕи чарапчылар «козыректар» көөрөттөн саккырыы турар түгэннэрэ олохтоохтору өрүү долгутар. Ол курдук, 202-с түөлбэ 12 куорпуһун иккис подъеһыгар баар чарапчы сууллаары турар. Бу туһунан олохтоохтор социальнай ситимҥэ айдааран суруйбуттара. Маннык дьиэ куоракка үгүс сиргэ баарын бэлиэтии көрөбүн. ДСК оройуонун Воинскай уулуссатыгар баар эргэ кирпииччэ дьиэ түөрт подъеһын тухары маннык хартыына көстөр. Маны сэргэ, бу уулуссаҕа баар саҥа тутуллубут дьиэлэр болкуоннарын үрдүлэринэн аһаҕас билиитэлэр бааллар, манна дьон остуолуттан пылесоһугар тиийэ уурар. Быһата, болкуон курдук туһаналлар эбит.
Биһиги Дьокуускайга сэрэхтээх тутуулар тустарынан Саха сирин судаарыстыбаннай тутуу надзорун управлениетын салайааччыта Павел Аргуновтан сурастыбыт:
– Биһиги управлениебыт кыра тутуулартан ураты бары тутуулары хонтуруоллуур. Тутуу барыта бырайыактаах, ол бырайыага эспэртиисэни ааспыт буолуохтаах. Тутуу кэмигэр биһиги иниспиэктэрдэрбит тутуу бырайыак быһыытынан барарын хонтуруоллууллар. Бу соторутааҕыта Автодорожнай уулуссаҕа оҕо өлүүлээх алдьархай тахсыбыта. Ити дьиэ туһунан этэр буоллахха, Автодорожнай уулусса 40/9 аадырыска баар дьиэ кэннинээҕи кирилиэһи кэлин, дьиэ үлэҕэ киирбитин кэнниттэн маҕаһыын аһаары оҥорбуттар этэ. Итинник эбии тутуу сокуон ирдэбилинэн олохтоох дьаһалта көҥүл биэрдэҕинэ эрэ тутуллар. Оттон Герман Титов уулуссатыгар баар быраҕыллыбыт эргэ тутуу туһунан этэр буоллахха, 2000 сыллар саҥаларыгар олорор дьиэни тутан саҕалаан иһэн быраҕан кэбиспиттэрэ. Албыннаппыт дьоҥҥо бириэмэтигэр көмө оҥоһуллубута. Ол эрээри эбийиэк бэйэтэ туран хаалбыта. Хаһаайына суох эбийиэктэри көтүрүүнэн олохтоох дьаһалта дьарыктанар. Билигин социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕана турар 202-с түөлбэ 12 куорпуһун чарапчытын туруга мөлтөҕүн туһунан видеоны билигин үлэҕэ ылан биһиги управлениебыт дьарыктана сылдьар. Ону сэргэ бу күннэргэ ити дьиэни көрөр-истэр “ОДьКХ Губинскай” салайар хампаанньаны бэрэбиэркэлиэхпит, оттон Воинскай уулуссатыгар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ үөһээ этээстэргэ баар аһаҕас билиитэлэр бырайыак быһыытынан бааллар. Ол эрээри ол билиитэлэр үрдүлэригэр дьон ол-бу малы ууруо суохтаах. Маны салайар хампаанньа хонтуруоллуохтаах. Тиийэн бэрэбиэркэлии сылдьыахпыт.
Түмүк
Киһи хомойуоҕа, сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ өрүү сынньанар. Дьиҥэр, хас биирдии эбээһинэстээх тэрилтэ үлэтин кэмигэр хаачыстыбалаахтык оҥорор буоллаҕына, киһи эчэйиилээх, өлүүлээх иэдээннэр тахсыа суохтара этэ. Тыал, ардах баар тутуулары хамсатыа, суулларыа суохтаах. Киһи бэйэтин уонна чугас дьонун туһугар эрэллээхтик, ким эрэ дьалаҕайыттан быстахха былдьаныам диэбэккэ холкутук сылдьыахтаах, олоруохтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: