Саха тылын учууталларын сийиэһэ тыллар тустарынан сокуон ылыныллыбыта 30 сылын бэлиэтээһини кытта ыытыллыаҕа
Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков балаҕан ыйын 21 күнүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуон ылыллыбыта 30 сылын бэлиэтээһиҥҥэ анаммыт тэрийэр хамыыһыйа үһүс мунньаҕын ыытта.
Мунньахха СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, үөрэх уонна наука миниистирэ Ирина Любимова, Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ Феодосия Габышева уонна Елена Голомарева, култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин І солбуйааччы Владислав Левочкин, инновация уонна сыыппара технологиятын сайдыытын миниистирин солбуйааччы Георгий Андреев, СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатыгар Тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр управление салайааччыта Римма Жиркова уо.д.а кыттыыны ыллылар.
Бу иннинэ, атырдьах ыйын 25 күнүгэр тустаах министиэристибэлэргэ чопчу сорудахтардаах боротокуол ылыныллыбыта. Хас да сорудах Үөрэх министиэристибэтигэр сүктэриллибитин ыйан туран, Александр Жирков миниистир Ирина Любимова бу сорудахтары кэмигэр толорорго болҕомтолоохтук сыһыаннаһарыгар баҕарда. Атын министиэристибэлэргэ эмиэ сорудахтар чопчуланнылар.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуону СӨ XІІ-с ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ 1992 с. ылыммыта, – диэтэ мунньах кыттыылаахтарыгар туһаайан Александр Николаевич, – Бу Өрөспүүбүлүкэ, омук туһугар улахан суолталаах сокуон ирдэбиллэрин саҥардыы, олоххо дьайыытын күүһүрдүү тирээн кэллэ. Төрөөбүт тылы билии таһыма намыһаҕын, үөрэх эйгэтигэр олохтоох омуктар тылларын үөрэтиигэ болҕомто мөлтөөн иһэрин, федеральнай стандартар маны ситэ аахсыбаттарын туһунан кэпсэтии элбэх. Уонна ол кэпсэтиинэн эрэ хаалар кыһалҕалаах. Ил Дархан төрүт тылы харыстааһын туһунан дьаһала хайдах туолан иһэрий, туох харгыстыырый? Туох суһал уонна кэскиллээх дьаһаллар ылыныллыахтаахтарый? Ол туһунан тылга сыһыаннаах дьон – детсад иитээччититтэн, алын кылаас уонна саха тылын учууталыттан саҕалаан өрөспүүбүлүкэ салалтата анаан-минээн сиһилии кэпсэтэрэ уолдьаста».
«Онон, тылга сыһыаннаах бу кыһын устата буолуохтаах тэрээһиннэри халандаар устатын тухары тарҕатан кэбиспэккэ, барыларын биир кэмҥэ түмэн, биир кэмҥэ тэрийэн ыытарга этии киллэрэбин. Кэлбит дьон бу тэрээһиннэргэ барытыгар сылдьан, баар быһыыны-майгыны сиһилии билсэн, улуустарыгар, нэһилиэктэригэр тиийэн бэйэлэрэ үлэни тэрийсэр гына», — диэн Александр Жирков эттэ.
Ил Дарханы, Барыбыыталыстыбаны, Ил Түмэни, улуустары кытта сүбэлэһии түмүгүнэн, бу дьыл сэтинньи 20-с күннэриттэн саҕалаан биэс сүрүн тэрээһин ыытыллара былааннанар.
- Бастакытынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн Тыл сүбэтигэр улуус баһылыктара кыттыылаах мунньаҕы ыытыы. Итини сэргэ Ил Түмэн тылга сыһыаннаах сокуоннары үөрэтэн, киирбит этиилэри көрөн саҥа сокуон барылын көҕүлүүр таһымҥа тахсыаҕа», – диэтэ Александр Жирков.
- Иккис тэрээһин – саха тылын учууталларын сийиэһин ыытыы. Александр Николаевич санаппытынан, саха тылын учууталларын бэйэлэрин туруорсууларынан уонна Үөрэх министиэристибэтин өйөбүлүнэн Дьокуускай куоракка аан бастакытын 2017 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи саха тылын уонна литературатын учууталларын сийиэһэ буолбута. Онно ылыныллыбыт резолюциянан бу тэрээһин биэстии сыл буола-буола ыытыллыахтаах. Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ бу бэрээдэк кэһиллиэ суохтааҕын ыйда уонна Үөрэх министиэристибэтэ быһаарыы былааныгар киллэрэн, болдьоммут кэмҥэ саха тылын уонна литературатын учууталларын сийиэһин тэрийэллэригэр этиллибитин иһитиннэрдэ.
- Үһүс тэрээһин сүнньүнэн федеральнай университет дьиэтигэр-уотугар буолуоҕа. Манна тыл үөрэхтээхтэрэ, учууталлар, төрөппүттэр кыттыылаах хас да хайысхаҕа төгүрүк остуоллар ыытыаллыахтара. Санаалары истэн, түмэн, сөптөөх түмүктэр оҥоһуллуохтара, тылга сыһыаннаах чопчу этиилэр түмүллүөхтэрэ.
- Төрдүһүнэн, Национальнай библиотека тэрийиитинэн улахан тэрээһиннэр: судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллар виртуальнай мусуойдара, саха норуотун, аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар тылынан айымньыларын, култуурунай нэһилиэстибэлэрин олоччу сыыппараҕа көһөрөн, аан дойду ситимигэр, кибер-куйаарга олохсутар, онно сатаан туттуллар гына оҥорор сорукка олоҕуран аудиовизуальнай бырайыактар сүрэхтэниэхтэрэ.
- Бэһис тэрээһин – Саха сиригэр Олоҥхо декадата. Учууталлар сийиэстэригэр Олоҥхо декадатын кыттыылаахтара, улуус баһылыктара, өрөспүүбүлүкэ салайааччылара кыттыахтара. Онтон салгыы сийиэс делегаттара, баһылыктар, салалта Олоҥхо декадата саҕаланыытыгар, атын тэрээһиннэргэ эмиэ кыттыахтара.
Александр Жирков «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуон саха тылын эрэ буолбакка, Саха сирин бары тылларыгар сыһыаннааҕын туһунан эттэ. Манна нуучча, аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар тыллара эмиэ киирсэр.
Түмүктээн эттэххэ, тыл сокуона ылыллыбыта 30 сылын бэлиэтээһин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар биир улахан суолталаах тэрээһин буолуоҕа. Хас да күн устата төрөөбүт тылбыт кэскилин, дьылҕатын туһунан сүбэлэһиилэр буолуохтара, этиилэр ылыныллыахтара. Онон көрөн, салгыы үлэ хайысхалара быһаарыллыахтара.
«Бу тэриллибит хамыыһыйа үлэтин салҕаан, ылыныллыбыт этиилэри олоххо киллэрсэр үлэни иилиэҕэ-саҕалыаҕа», – диэтэ Александр Жирков. Тылга сыһыан былыр-былыргыттан дириҥ улаҕалааҕын, омугу харыстаһыы эбэтэр симэлитии улахан бэлиитикэ биир быстыспат сорҕото буоларын анаан-минээн бэлиэтээтэ.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бу тэрээһиннэргэ туһааннаах министиэристибэлэр соруктарыгар болҕомтону туһаайда. «Сүрүн сорукпут, – диэтэ Сергей Васильевич, – Биһиги Ил Дархаммыт бигэргэппит бырагырааматын халбаҥа суох толоруу. Бу бырагырааманы биһиги толорон, эбии сайыннаран иһэр соруктаахпыт. Онуоха биһиги хас биирдиибит сүрүн эппиэти сүгэбит. Тылы харыстааһын уонна сайыннарыы бырагыраамата көдьүүстээх буоларыгар олохтоох нэһилиэнньэ, дьон-сэргэ, салалта бары бииргэ үлэлиэхтээхпит. Үлэ оччотугар ордук түмүктээх буолуоҕа».
Ил Түмэн пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: