Александр Артемьев: “Бэрэсидьиэн тыа сирин үлэһиттэрин бэлиэтээбитэ үөрдэр”

Share

Быһа лииньийэ кэмигэр Владимир Путин тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл хааччыллыытын боппуруостарын таарыйда. Дойду бэрэсидьиэнэ тыа хаһаайыстыбатын салаатын үлэтин түмүгүн үчүгэй диэн эттэ уонна пиэрмэрдэргэ махтанна.

“Тыа сирин олохтоохторо дойду бэрэсидьиэнин өйөбүл тылларын истибиттэрэ үөрүүлээх. Владимир Путин бэлиэтээбитинэн, ис ырыынакка олохтоох бренд 30-тан тахса бырыһыаҥҥа тиийэ үрдээбит. Итиэннэ эрэгийиэннэр оҥоһууларын өйүөхтээхтэрин уонна эрэгийиэннэргэ киэн туттар холобур элбэҕин эттэ. Маныаха биһиги саха сүөһүтүн боруодатын чөл хаалларар уонна сөргүтэр систиэмэлээх үлэни салгыахпыт. Бу дэҥҥэ көстөр үрдүк хаачыстыбалаах бородууксуйаны эрэ оҥоруу буолбакка, хаһаайыстыба үгэһин уонна култууратын хаалларыы буолар. Билиҥҥи курдук судургута суох кэмҥэ бииргэ, бэрэсидьиэммит тула  түмсүөхтээхпит. Лидербитигэр эрэллээхпин, инникигэ эрэллээхпин”, — диэн “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ дириэктэрэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи АККОР бэрэсидьиэнэ Александр Артемьев этэр.

“Саха сүөһүтэ” тэрилтэ 2020 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан тэриллибитэ. Саха сүөһүтүн генофондатын хаалларыыга, харыстааһыҥҥа, сайыннарыыга, симэлийэр кутталыттан таһаарыыга, саха сүөһүтүн боруодатын генофондатын төрүт олохтоох ахсаанын элбэтиигэ уонна хаһаайыстыба материальнай-тиэхиньиичэскэй баазатын бөҕөргөтүүгэ улахан үлэ ыытылынна.

Хааһыналаах тэрилтэ билигин Нам, Мииринэй, Ньурба, Мэҥэ Хаҥалас уонна Амма улуустарыгар сүөһүнү иитэр комплекстардаах. Ситими сайыннарыы биир сүрүннээх үлэтин түмүгэр, 2023 сыл алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 3101 төбө саха сүөһүтэ баар, итинтэн 1159 – ыанар ынах.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

7 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

10 часов ago