Александр Аржаков: «Быйыл саас эрдэ кэлиэ, өрүстэр эрдэ эстиэхтэрэ»

Share

Бэҕэһээ, кулун тутар 22 күнүгэр, Аан дойдутааҕы уу ресурсаларын күнэ бэлиэтэннэ. Онон сиэттэрэн, саас кэлбитинэн, халааҥҥа бэлэмнэнии хайдах баран иһэрин, быйыл өрүстэрбит хайдах устуохтарай диэн «Ленарегионводхоз» тэрилтэ филиалын дириэктэрэ Александр Аржаковтуун кэпсэттибит.

 – Александр Николае­вич, үгэс буолбут ыйытыы, быйыл сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии үлэтэ хайдах баран эрэрий?

– Быйыл халааҥҥа бэлэм­нэнии үлэтигэр 28 мөл. солк.
үп көрүллэн турар. «Ленарегионводхоз» филиала быйыл Өлүөнэ уонна Халыма өрүстэригэр 8 муниципальнай тэриллии оройуонугар мууһу кэбирэтии үлэтин тэрээһинин ыытар. Кэбирэтии үлэтэ Өлүөнэ өрүскэ 5 муниципальнай оро­йуоҥҥа уонна Дьокуускай куорат учаастагар оҥоһуллуо. Харыы тахсар 37 учаастагар мууһу эрбээһин – 41 км, хараардыы 413 га сиргэ ыытыллыа. Бу үлэлэр бары анал бигэргэммит исхиэмэ быһыытынан оҥоһуллаллар. Былырыыҥҥыттан бу исхиэмэ, оттон быйыл саас эр­­дэлиир буолан, ыытыллар үлэлэр болдьохторо арыый уларыйда. Билиҥҥитэ аук­цион ыытыллан, үлэлиэхтээх бэдэрээтчиттэр быһаарыллан, судаарыстыбаннай хантараактар түһэрсиллэн тураллар. Үлэ барыта оҥоһуллан бүттэҕинэ, биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа үлэни тутуо. Хамыыһыйаҕа Өлүөнэ тардыытынааҕы уу салалтата, Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ, Эколо­гияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна улуустар дьаһалталара кии­рэллэр. Мууһу кэбирэтии үлэтин ыытыы исхиэмэтэ Өлүөнэ тардыытынааҕы ууга управление научнай-тиэхиньиичэскэй сэбиэтинэн сыл аайы өрүс сүнньүн уларытыынан уонна ааспыт сыллааҕы халаан түмүгүнэн көрүллэр уонна көннөрүллэр.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

 – Ханнык улуустарга мууһу кэбирэтии үлэтэ ыытыллыаҕай?

– Харыы тахсар сирдэринэн Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Хаҥаласка, Дьокуускайга, Намҥа, Кэбээйигэ Өлүөнэ өрүскэ мууһу кэбирэтии үлэтэ кулун туттар бүтүүтэ саҕаланыахтара. Ленскэй, Өлүөхүмэ уонна Хаҥалас улуустарыгар муус устар 17 күнүгэр диэри кэбирэтии үлэтэ бүтүөхтээх. Нам уонна Кэбээйи улууһугар муус устар 20 күнүгэр диэри, Үөһээ Халыма уонна Орто Халыма улуустарыгар муус устар 26 күнүгэр диэри бүтэллэрэ былааннанар.

Урукку дьылларга кэбирэтии үлэлэрэ муус устар бүтүүтэ, ыам ыйын саҥатыгар үмүрү­йэллэр этэ. Ол гынан баран, сааспыт эрдэлиир, кыһыммыт сылаас, мууспут чараас буолан, биһиги арыый үлэни эрдэ түмүктүүр курдук болдьоҕун сыҕарытан биэрдибит. Көмүөл мууһа устарыгар Өлүөнэ өрүскэ харыы саас аайы тахсар. Исписэлиистэр, өрүс уонна кини салаалара эстиилэрин кэмигэр муус харыыта тахсыытын, соҕурууттан хоту дохсуннук сүүрүгүрэринэн, муус халыҥынан, 150-200 см тиийэринэн, көмүөл мууһа элбэҕинэн быһаараллар. Харыы үгүстүк өрүс сүнньэ кэтириир эбэтэр синньиир сирдэригэр, эниэ түһүүтүгэр, сүүрүк хайысхатын уларытарыгар тахсар. Ону таһынан, уу аннынан ааһар турба (холобур, гаас турбата), ГТС-тар уо.д.а. баар сирдэригэр харыы үөскүөн сөп.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

– Сааспыт хайдах буолуой, күн-дьыл туруга тугу кэрэһилиирий?

– Сааспыт кэлбит сибикитин биллэрэн, халлааммыт сылыйан эрэр. Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа этэринэн, кулун тутар ый нуорматтан 3-4 кыраадыска диэри сылыйыахтаах. Муус устар ыйы эмиэ орто көрдөрүүттэн сылаас буолуо диэн билгэлииллэр. Ол аата өрүстэрбит эрдэ устуохтара диэн буолар. Быйыл кыһыммыт сылаас буолан муус ча­­раас. Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа дааннайынан, Өлүөнэ өрүскэ Ленскэй, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар муус халыҥа нуорматтан 10-50 см диэри чараас. Оттон Дьокуускай куорат аннынан муус халыҥа биир миэтирэҕэ тиийбэт, нуор­маттан 20-40 см чараас диэххэ сөп. Онон харыы тахсара эмиэ сабаҕаланар. Биһиги мууһу кэбирэтэр үлэлэрбит, ол аата мууһу хараардыы уонна эрбээһин көмүөл мууһа харыыта суох устарыгар көмөлөһүөхтээхтэр. Кэбирэтии үлэлэрэ – харыы тахсар сирдэригэр ууну кутталлаах таһымҥа диэри таһаарбат буолууну, нэһилиэнньэлээх пууннары ууга барартан харыстыыры хааччыйар аналлаахтар.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

– Мууспут хайдах ааһыа дии саныыгын?

– Эппитим курдук, күн-дьыл туругуттан сылыктаатахха, быйыл өрүстэр арыый даҕаны эрдэ арыллар чинчилээхтэр. Онуоха муус харыыта тахсара эмиэ сабаҕаланар. Буоларын курдук, ыам ыйын бастакы декадатыгар Өлүөнэ өрүс Дьокуускай куоракка диэри, Алдан, Амма, Бүлүү өрүстэр иккис декадатыгар устуохтара дии саныыбыт. Оттон харыы тахсыыта, чопчу ыам ыйынаа­ҕы күн-дьыл туругунан быһаарыллааччы.

Саха сирин киин өттүгэр, чуолаан, илин эҥээргэ, Таатта, Суола, Маатта курдук үрэхтэргэ балаһыанньа эмиэ былырыыҥҥы курдук буолуоҕа диэн сабаҕалыыбыт.

– Александр Нико­лаевич, кэпсээниҥ иһин махтанабын.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

11 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

11 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

12 часов ago