Өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Александр Атласов Саха сириттэн байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар дьоммутугар тыа хаһаайыстыбатын араас тэрилтэлэриттэн көмө тэрээһиннээхтик уҕараабакка салҕана барар турарын туһунан иһитиннэрэр.
— Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта барбыт дьоммутугар ыам ыйын 4 күнүнээҕи туругунан, тыа хаһаайыстыбатын араас тэрилтэлэриттэн, үлэ биэрээччилэриттэн ас-үөл, атын да өттүнэн барыта 2 628 746,25 солкуобайдаах көмө оҥоһулунна. Ол иһигэр: тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии сылдьан ыҥырыллыбыт байыаннай сулууспалаахтарга 1 929 478 солкуобайдаах өйөбүл оҥоһулунна; көмөҕө үлэлиир уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ – 503,4 тыһ. солкуобай бэрилиннэ; дойду госпиталларыгар эмтэнэ сытар байыастарбытыгар 195 818 тыһ. солкуобай суумалаах олохтоох аһынан-үөлүнэн көмө ыытылынна («Эрэл» ТХПК — Нам улууһа, СӨ ТХМ), ыыһаммыт Краковскай халбаһыыны ( ТХПК «Түмэн» — Дьокуускай к.), Өлүөхүмэ сыырын («Кладовая Олекмы» ХЭТ – Өлүөхүмэ улууһа), отон сиробун (“Тирэй” СПОК — Сунтаар улууһа), эт фаршын, кэтилиэти («Маалыкай» ТХПК), ынах этин («Саха сүөһүтэ» СӨ СПК), ыыһаммыт аһы (СӨ ТХМ, Габышев М.В. ИП ГКФХ бородууксуйалара), Өлүөхүмэ билимиэнин (СӨ ТХМ, Габышев М.В. ИП ГКФХ бородууксуйалара), («Бөртө» хаһаайыстыбата – Хаҥалас улууһа) уо.д.а. ыытаннар, бөдөҥ тэрилтэлэрбит ас полуфабрикатын көмөлөһө олороллор.
Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар байыастары өйүүр сыалтан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кэлэктиибин иһинэн сүбэ быһыытынан, олохтоммут кээмэйинэн ый аайы харчы хомуйуллар. СӨ Нэһилиэнньэтин олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйыыга судаарыстыбаннай кэмитиэт сүбэ мунньаҕын түмүгүнэн, байыаннай эпэрээссийэҕэ сулууспалааччыларга ыытарга анаан 3 тыһыынча ахсааннаах олохтоох ас нобуордарын бэлэмнээн, уопсайа, 13 туонна ас-үөл Москва куоракка ыытылынна. Аллараа Бэстээххэ диэри бу таһаҕас министиэристибэ тырааныспарынан таһылынна.
Саха сирин бааһынай уонна фермер хаһаайыстыбаларын, тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин Ассоциациятын сэбиэтин чилиэннэрэ гуманитарнай көмө быһыытынан саллааттарбытыгар экипировка арааһын: балаклава, сылаас таҥас, тактическай бэрчээккэ, үрүсээк, эмп-том уо.д.а. булан-талан, хомуйан киин куоракка Орджоникидзе 10-гар баар гуманитарнай көмөнү тутар пууҥҥа туттарбыттара.
Маны таһынан, министиэристибэ аатыттан Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүн көрсө олохтоох оҥорон таһаарааччылартан аһынан-үөлүнэн бырааһынньыктааҕы бэлэх нобуордара бэлэмнэнэн, «Бары бииргэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа волонтердарын нөҥүө буойуттарбытыгар тиксэриллибитэ.
Биһиги министиэристибэбит иһинэн үлэлиир кэккэ тэрилтэлэртэн, холобур, «Туймаада» агрохолдинг АУо, «Гормолзавод» ХЭТ, «Якутский хлебокомбинат» АУо, «Хатастааҕы сибиинньэ комплекса», Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика, Мэҥэ Хаҥаластан Төҥүлүтээҕи «Хоту» кэпэрэтиип, «Саха сүөһүтэ» тэрилтэ уо.д.а. байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөрө, өйөбүллэрэ улахан.
Маай бырааһынньыгын иннинэ Москва уонна Санкт-Петербург госпиталларыгар эмтэнэ сытар буойуттарга аһынан-үөлүнэн бырааһынньыктааҕы 40 бэлэх нобуора ыытыллан тиксэриллибитэ.
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…
«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…
Балбахов Виссарион Дмитриевич, үйэ чиэппэрэ кэм устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…