Ил Түмэн онус уочараттаах пленарнай мунньаҕын бастакы күнүн түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарынан норуот дьокутаата Александр Атласов санаатын үллэһиннэ.
— Бу олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах туспа боломуочуйаны биэрии биир сүрүн боппуруоһунан буолар. Бу сокуон дьиҥэ 2012 с. ылыллан турар, ол гынан баран 12 сыл буолан баран, саҥаттан көрүллэн мэхэньиисимин уларытан ылылынна. Манна сүрүн сыала-соруга диэн – урукку өттүгэр холобур, субвенцияны улуустарга тириэрдэн киилэтин, ыйааһынын, сууматын барытын тиэрдэр эбит буоллахпытына, бу сокуон киирдэҕинэ, улуустарга уопсай көрүллэр субвенция миэстэтигэр тиийэн улуус дьаһалтата, улуус дьокутааттарын сэбиэтэ быһаарар буолуо. Манна 14 хайысха киирэр буоллаҕына, улуустар ханнык хайысхатын бэйэлэрэ талыахтаахтар. Ол эбэтэр субсидияны үүккэ биэрэллэр дуу, төбөҕө биэрэллэр дуу, эбэтэр хортуоппуй, оҕуруот аһын ыстаапкатын улаатыннарабыт дуу диэн бэйэлэрэ быһаарыахтара. Ол гынан баран, бу ыйыллар 14 салааҕа тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуус дьаһалталарын кытта сөбүлэһии быһыытынан, ылыллыахтаах көрдөрүүнү онно киллэриэхтээх. Ол сөбүлэһии иһинэн үлэ-хамнас барыахтаах.
Бу сокуоҥҥа өссө кыра кыамталаах инвестиционнай бырайыактар тустарынан биир салаа киирдэ. Урукку өттүгэр маннык салаа суох этэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн ылынныбыт, онно тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин эмиэ бигэргэннэ. Онно көрдөххө, кыра кыамталаах эбийиэктэри миэстэтигэр улуус дьаһалталара бэриллибит боломуочуйанан туталларыгар уопсайа 590 мөл. солк. үп көрүлүннэ. 50 төбөҕө диэри хотон, сайылык, сылгы баазаларын уонна 200 туоннаҕа диэри кыра кыамталаах хортуоппуй уонна оҕуруот аһын харайар баазалары тутууга харчы көрүлүннэ. Маннык элбэх үп хаһан даҕаны эрдэ көрүллэ илигэ, инньэ гынан бу сокуон тыа сиригэр олорор тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар дьоҥҥо олус улахан туһалаах буолуо дии саныыбын.
Мин соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей” оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.) сылдьан,…
Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр сэтинньи 27 күнүгэр сарсыардаттан Афанасий…
Сэтинньи 27 күнүгэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх мунньах буолла. Наталья…
Сэтинньи 21-26 күннэригэр Великие Луки куоракка "Надежды России" диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии ыытылынна. Манна Саха…
Ил Дархан Айсен Николаев РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин ыыппыт стратегическэй сиэссийэтигэр энергоэффективноһы үрдэтии өйөбүлүн…