Салгыы
Александр Атласов: «Тыа хаһаайыстыбатын өттүттэн өйөбүл уҕараабат»

Александр Атласов: «Тыа хаһаайыстыбатын өттүттэн өйөбүл уҕараабат»

Ааптар:
11.03.2023, 13:15
Байыастарга көмө, өйөбүл оҥоруу
Байыастарга көмө, өйөбүл оҥоруу
Хаартыска СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ агропромышленнай салаатыттан байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта барбыт дьоммутугар тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэриттэн, үлэ биэрээччилэриттэн көмө тэрээһиннээхтик ыытылла турарын туһунан СӨ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов кэпсээтэ.

Хаартыска СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тиксэриитэ

— Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта барбыт дьоммутугар тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэриттэн, үлэ биэрээччилэриттэн ас-үөл, атын да өттүнэн көмө тэрээһиннээхтик ыытыллар.
Ол курдук, биир туспа хайысха быһыытынан, дойду араас госпиталларыгар эмтэнэ сытар биир дойдулаахтарбытыгар олохтоох ас-үөл ыытан, хааччыйан, өйөбүл оҥоһуллар. Ый ахсын эриллибит эти («Эрэл» ТХПК — Нам улууһа, СӨ ТХМ), ыыһаммыт халбаһыыны ( ТХПК «Түмэн» — Дьокуускай к.), Өлүөхүмэ сыырын («Кладовая Олекмы» ХЭТ – Өлүөхүмэ улууһа), отон сиробун (“Тирэй” СПОК — Сунтаар улууһа), эриллибит эти, кэтилиэти («Маалыкай» ТХПК), ынах этин («Саха сүөһүтэ» СӨ СПК), ыыһаммыт аһы (СӨ ТХМ, Габышев М.В. ИП ГКФХ бородууксуйалара), Өлүөхүмэ билимиэнин (СӨ ТХМ, Габышев М.В. ИП ГКФХ бородууксуйалара), ас полуфабрикатын («Бөртө» хаһаайыстыбата – Хаҥалас улууһа) уо.д.а. ыытаннар, спонсордаан көмөлөһө олороллор.

Хаартыска СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тиксэриитэ

Байыастары өйүүр сыалтан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кэлэктиибин иһинэн сүбэ быһыытынан, олохтоммут кээмэйинэн ый аайы харчы хомуйуллар. СӨ Куттал суох буолуутун хааччыйыыга судаарыстыбаннай кэмитиэтин сүбэ мунньаҕын түмүгүнэн, байыаннай эпэрээссийэҕэ сулууспалааччыларга ыытарга анаан 40*20*11 кээмэйдээх хоруопкаларга 3 тыһыынча ахсааннаах бородуукта нобуордарын бэлэмнээн, Москва куоракка ыытыллыбыта. Саха сирин бааһынай уонна фермер хаһаайыстыбаларын, тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин Ассоциациятын Сэбиэтин чилиэннэрэ гуманитарнай көмө быһыытынан экипировка арааһын: балаклава, сылаас таҥас, тактическай бэрчээккэ, үрүсээк, эмп-том уо.д.а. булан-талан, хомуйан киин куоракка Орджоникидзе 10-гар баар гуманитарнай көмөнү тутар пууҥҥа туттарбыттара.
Маны таһынан, министиэристибэ аатыттан Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн олохтоох оҥорон таһаарааччылартан аһынан-үөлүнэн бырааһынньыктааҕы бэлэх нобуордара бэлэмнэнэн, «Бары бииргэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа волонтердарын нөҥүө байыастарбытыгар тиксэриллибитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: