Александр Cусоев: «Бары кыайыы иһин күүспүтүн холбоон үлэлиибит»

Share

Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр тиһиктээх көмө оҥоһуллар, өйөбүл дьаһаллар ылыллаллар. Улуустарга, куораттарга муниципальнай тэриллиилэр туспа былааннаах үлэни ыыталлар.

Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаас уорганнара байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр араас өрүттээх көмөнү оҥороллор диэн бэйэтин санаатын Кэбээйи улууһун баһылыгын солбуйааччы Александр Сусоев үллэстэр:

— Кэнники сылларга дойдубут улахан тургутууну ааһар:  бастаан хамсык, оттон анал байыаннай эпэрээссийэ, аны сааҥсыйа… Чэпчэкитэ суох кэм үүннэ. Ол эрээри билиҥҥи уустук кэмҥэ биһиги маннык түмсүүлээх, биир сомоҕо буоллахпытына, кыайыыны ситиһиэхпит диэн эрэллээхпин.

Кэбээйи улууһугар байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө тиһиктээхтик оҥоһуллар. Хас биирдии ыалга араас өрүттээх боппуруостары, кыһалҕаны быһаарарга куратордар сыһыарыллыбыттара. Ону таһына, сүбэ-ама буолар, хаһаайыстыбаҕа уонна атын даҕаны тэрээһиннэргэ көмөлөһөр волонтердар бааллар.

Волонтердар, тэрилтэлэр, анал үлэһиттэр – бары бу үлэҕэ кыттыһаллар. Хас биирдии киһи бэйэтин хайысхатынан көмөлөһөр. Ким эрэ гуманитарнай көмө хомуйуунан, ким эрэ ону тиэрдиинэн дьарыктанар, сорохтор байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэригэр хаһаайыстыбаҕа көмөлөһөллөр. Ким даҕаны туора туран хаалбат, бары кыайыы иһин күүспүтүн холбоон үлэлиибит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

50 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago