Салгыы
Александр Данилов — оһуокай сайдарыгар улахан үлэни ыытар салайааччы

Александр Данилов — оһуокай сайдарыгар улахан үлэни ыытар салайааччы

24.11.2023, 16:00
Хаартыска: ааптар тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 23 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Ил Дархана Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олоҥхоһуттарыгар, оһуохайдьыттарыгар, тимир уустарыгар уонна норуот маастардарыгар — Саха сирин үгэс буолбут култууратын илдьэ сылдьааччыларга, сайыннарааччыларга истипиэндьийэлэри  туттарда.

Оһуокай аата үйэлэргэ сүппэтин туһугар оһуокай уопсастыбатыгар төрдүс төгүлүн ананан үлэлии сылдьар, «Оһуокай» түмсүү бэрэссэдээтэлэ Александр Джурович Даниловтан кэккэ ыйытыыларга санаа атастастыбыт.

    — Эйигин ийэҥ Анна Семеновна өттүнэн улахан олоҥхоһут төрүттээх диэн истибитим. Хаан тардыытынан эн да утумнаатаҕыҥ дии?

— Ийэм өттүнэн саха дьонугар үтүө ааттарынан биллэр удьуордаахпыт. Бороҕон улууһугар Сахаар Куобарап диэн улууһу салайан олорон ааспыт кулуба  Сахаар Куобарап, оттон удьуор хаан улуу олоҥхоһуттар Миитэрэй Куобарап, Ньукулай  Сахаарабыс эмиэ олоҥхоһут эбит. Онон олоҥхоһуттар хос сиэннэрэ буолабын.

Аҕам Дьулурҕа Яковлевич —  улуу суруйааччыбыт П.А.Ойуунускай хаан уруу аймаҕа. Эһэм улуу Ойуунускайтан үөрэнэн саахымаччыт, онтон ол көлүөнэ ахсын утумнаммыта. Онон да    сэдиптээн, эбэтэр  тэрийэр дьоҕурдаах диэн эбитэ дуу, урукку бэрэссэдээтэл  А.И.Кривошапкин миигиттэн утум тутуоҥ дуо диэн тыл киллэрэн, оһуокайдьыттар итэҕэллэрин төрдүс төгүлүн ылан, кэмпэриэнсийэнэн  талыллан бэрэссэдээтэлбин. Мин,  бастатан туран, Ил Дархан Айсен Николаев оһуокайга туруорар сүрүн хайысхатын олоххо киллэриигэ үлэлиибин. Урут талылларбар да, билигин да уопсастыбам чилиэннэрин этиилэрин истэбин, ону сөптөөҕүн көрөн олоххо киллэрэ сатыыбын.

Бастатан туран, үйэтитиигэ үгүс Дархан этээччилэр кинигэлэрин үбүлээһиҥҥэ, бэчээттээһиҥҥэ үлэлэһэбин. Оһуокай уопсастыбатыгар сыһыаннаах хас да кинигэлээхпит.

Үҥкүү тылын этээччи сайдарыгар кыах биэрэ сатыыбын. «Чулуу кынат», «Үтүөлээх этээччи», «Дархан», «Аар Дархан этээччи» диэн ааттары уопсастыба иһинэн бигэргэппиппит. Манныкка этээччи маастарыстыбата үрдүүр.

Куорат мээрийэтин, паарка салалтатын кытары үлэлэһэн, куорат пааркатыгар Оһуокай искибиэрин  аспыппыт. Манна этээччилэр хаартыскалара үҥкүүлүүр искибиэргэ  сыһыарыллыбыттара дьон болҕомтотун тардар.

Хас да сыллаах туруорсуубут олоххо киирэн, быйыл Ил Дархан  ыйааҕынан Оһуокай күнэ биллэрилиннэ.

Кэнники сылларга Нам уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар Оһуокай уопсастыбатын салаатын  үлэтэ биллэ сэргэхсийдэ. Аҕа саастаах этээччилэри сэргэ,  эдэр көлүөнэ утуму тутта. Бу улуустарга Дархан этээччилэрбит Валентин Хорунов, Станислав Иванов  улахан хамсааһыны таһаардылар. Нам улууһун киинигэр Намҥа Оһуокай күнэ анаан ыытыллар буолла. Онон инники өттүгэр уопсастыба түһэрбит этээччилэрэ ханнык да түгэҥҥэ аккаастаныллыа суохтаах.

Түмүктээн эттэххэ, Саха Сирин Ил Дарханыгар Айсен Сергеевич Николаевка муҥура суох махталбын тиэрдэбин.

     Александр Джурович этиитигэр эбэн эттэххэ, Оһуокай сайдыытыгар биир чаҕылхай салайааччыбыт буолар. Кэскиллээх былааннара олоххо киириэ диэн эрэнэбит.

  Марта НИКОЛАЕВА, «Оһуокай» түмсүү салайааччытын солбуйааччы

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: