Александр Данилов: «Саха сиригэр снайпердар баалларын биллэриэхпит дии саныыбын»

Share

Алтынньы 12-13 күннэригэр Дьокуускай куоракка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы ыраахтан ытыыга иккис күрэхтэһии буолан ааста. Олус элбэх киһи кытынна, тэрээһин таһыма үрдээбитэ бэлиэтэннэ.  

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр ырааҕы ытыыга иккис Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир туһунан Саха сиригэр снайпинг федерациятын бэрэссэдээтэлэ Александр Данилов санаатын үллэстэр. Саха дьонун маннык күрэстэргэ көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырар.

— Саха сиригэр ырааҕы ытыыга «Сулус» полигоҥҥа күрэхтэһии буолан ааста. Бу Саха сиригэр саҥа успуорт көрүҥэ буолар. Биһиги Саха сирин кыраҕы харахтаахтара спортинг, тэриэлкэни ытыы күрэстэригэр аан дойдуга бастаан турабыт. Оттон бу ырааҕы ытыыга биһиги быйыл саас эмиэ, Сергей Яковлев кыайан бастаан турардаахпыт. Бүгүн ол күрэхтэһии иккис түһүмэҕэр уолаттарбыт эмиэ кииристилэр. Ырааҕы ытыы олус ыарахан. Биир, икки килэмиэтири ытыы ыарахан. Манна үс, түөрт килэмиэтирдээх ырааҕы ытыахха наада. Онно дьэ, сөптөөх саа, кыраҕы харах наада, киирсиигэ сабыдыаллыыр. Бу күрэхтэһиигэ Арассыыйа ааттаахтара, байыаннай снайпердар кэлэн кытыннылар. Кинилэр бэлэмнэрэ олус үчүгэй, этэргэ дылы тэриллэрэ хас эмэ мөлүйүөн сыаналаахтар. Ол эрээри, биһиги уолаттарбыт син биир, кыахтарынан тэҥҥэ киирсэ сылдьаллар, ол баар үчүгэйэ. Син биир бириэмэтэ кэллэҕинэ, биһиги бу идэтийбит снайпердар иннилэригэр түһүөхпүт, Саха сиригэр саха снайпердара баалларын билиэхтэрэ, сыаналыахтара дии саныыбын. Онуоха күүскэ үлэлиэхпитин наада. Маннык үчүгэй, киэҥ-куоҥ полигону туттаран биһиэхэ эрчиллэр кыаҕы биэрбит Бырабыыталыстыбабытыгар, Ил Дархан Айсен Николаевка тус бэйэтигэр махталбын тиэрдэбин. Кинилэр күүскэ туруорсан, үлэлээн, тылларын ылыннаран туттарбыт сирдэрэ. Биһиги ытыыны сэргээччилэр, булчуттар манна кэлэн эрчиллэбит, онон саха дьонун барыгытын ыҥырабын. Биһиги тэриэлкэ эрэ буолбакка, ырааҕы ытыыга эмиэ күүстээх маастардар буолуохтаахпыт. Онон сахам дьоно «Сулус» полигоҥҥа кэлиҥ, ыалдьыттааҥ, ытарга эрчиллиҥ диэн ыҥырыам этэ.

What’s your Reaction?
+1
13
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

6 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Мииринэйгэ эр киһи уокка оҕустарда

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьирээ суруксут, тыл ууһа

Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс түмүктэннэ

Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…

56 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…

1 час ago