Александр Филиппов: «Кыайыынан эргиллиҥ!»

Share

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут онус  кыттааччыта Өлүөхүмэ  1-кы Нөөрүктээйититтэн  Александр Филиппов-Бири:

Кыайыынан эргиллиҥ!

Көрөҕүөт, ньыгыл таас күөнүттэн
Эһээлэр дьиппиэнник көрөллөр,
Ханнык буурҕаттан, өксүөнтэн
Сууллубат дуулаҕа буойуттар!

Эдэркээн бэйэлээх этилэр,
От оттуур, мас мастыыр уолаттар,
Ийэ сир набаатын истэннэр,
Кыырыктаах кыргыска барбыттар.

Ол набаат дуораана иккистээн
Ньиргийдэ сүрэҕи нүөлүтэ,
Сүүрбэһис үйэни нөҥүөлээн,
Эр санаа кутаатын күөдьүтэ!

Хотуттан хоһууттар турдугут,
Хотойдор тыйыстык дайдыгыт.
Төрөөбүт дойдугут тургутар
Соругун тутаҥҥыт бардыгыт.

Бардыгыт сахалар, эбээннэр,
Нууччалар эрдээхтик хардыылыы,
Сарынтан өйөһөн ол сиэннэр
Эһээлэр суолларын хатылыы.

Үс куттаах сахабыт төрүөҕэ,
Үс үөстээх Элиэнэ эҥсэрэ,
Үс саха самныбат саргыта,
Үс үйэ үлүгэр үөгүтэ

Ол көҥүл Донбааска түстэниэ!
Эрэниҥ, үйэ саас күндээриэ.
Аан Ийэ дайдыга дьол уота,
Бу буолуо кыайыыбыт дьолуота!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

15 часов ago