Александр Гриценко: «Хантараагынан сулууспа — кэскиллээх инникини түстээһин»
Хаһаахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи полкаларын атамаана Александр Гриценко хантараагынан байыаннай сулууспа уратыларын уонна суолтатын туһунан кэпсээтэ.
Ааспыт сыл ахсынньытыгар Арассыыйа оборуонаҕа миниистирэ Сергей Шойгу иһитиннэрбитинэн, дойдуга байыаннай куттал суох буолуутун туһугар саллааттар ахсааннарын 1,5 мөлүйүөн киһиэхэ диэри элбэтиэххэ наада, ол иһигэр 695 тыһыынча хантараагынан сулууспалааччыны. Бу көҕүлээһини олоххо киллэрэргэ билигин дойду үрдүнэн хантараагынан сулууспалыан баҕалаахтары сүүмэрдиир хампаанньа үлэтэ ыытыллар.
«Хантараагынан сулууспа эдэр киһиэхэ күннээҕи олохтон куотунуу буолбакка, тус олоҕу уларытар, кэскиллээх инникини түстээһин буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ судаарыстыба хантараагынан сулууспаҕа сыһыана олус уларыйда. Ол иһин, эдэр дьоҥҥо хантараакка көрүллэр социальнай чэпчэтиилэри уонна төлөбүрдэри болҕомтолоохтук үөрэтэргитигэр ыҥырабын», — диэн Александр Гриценко иһитиннэрдэ.
Санатан суруйдахха, байыаннай сулууспаҕа хантараак түһэрсибит дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэттэн 150 тыһыынча солкуобайдаах биир кэмнээх көмө көрүллэр. Ону таһынан, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр араас өйөбүл миэрэлэрэ эмиэ бааллар. Холобур, дьиэни гааска бохсо холботорго диэн 150 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх материальнай көмө бэриллэр.
«Байыаннай дьайыы буолар турар сириттэн төннөр байыастары көрсүү үлэтин өссө күүскэ ыытыахха уонна эдэр дьону кытта кэпстэтиилэри ыытыахха наада. Биһиги бүгүн хантараагынан сулууспа туһунан кистээбэккэ, сааппакка элбэхтик кэпсиэхтээхпит», — диэн Гриценко бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: