Александр Гриценко: «Хантараагынан сулууспа — кэскиллээх инникини түстээһин»

Share

Хаһаахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи полкаларын атамаана Александр Гриценко хантараагынан байыаннай сулууспа уратыларын уонна суолтатын туһунан кэпсээтэ.

Ааспыт сыл ахсынньытыгар Арассыыйа оборуонаҕа миниистирэ Сергей Шойгу иһитиннэрбитинэн, дойдуга байыаннай куттал суох буолуутун туһугар саллааттар ахсааннарын 1,5 мөлүйүөн киһиэхэ диэри элбэтиэххэ наада, ол иһигэр 695 тыһыынча хантараагынан сулууспалааччыны. Бу көҕүлээһини олоххо киллэрэргэ билигин дойду үрдүнэн хантараагынан сулууспалыан баҕалаахтары сүүмэрдиир хампаанньа үлэтэ ыытыллар.

«Хантараагынан сулууспа эдэр киһиэхэ күннээҕи олохтон куотунуу буолбакка, тус олоҕу уларытар, кэскиллээх инникини түстээһин буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ судаарыстыба хантараагынан сулууспаҕа сыһыана олус уларыйда. Ол иһин, эдэр дьоҥҥо хантараакка көрүллэр социальнай чэпчэтиилэри уонна төлөбүрдэри болҕомтолоохтук үөрэтэргитигэр ыҥырабын», — диэн Александр Гриценко иһитиннэрдэ.

Санатан суруйдахха, байыаннай сулууспаҕа хантараак түһэрсибит дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэттэн 150 тыһыынча солкуобайдаах биир кэмнээх көмө көрүллэр. Ону таһынан, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр араас өйөбүл миэрэлэрэ эмиэ бааллар. Холобур, дьиэни гааска бохсо холботорго диэн 150 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх материальнай көмө бэриллэр.

«Байыаннай дьайыы буолар турар сириттэн төннөр байыастары көрсүү үлэтин өссө күүскэ ыытыахха уонна эдэр дьону кытта кэпстэтиилэри ыытыахха наада. Биһиги бүгүн хантараагынан сулууспа туһунан кистээбэккэ, сааппакка элбэхтик кэпсиэхтээхпит», — диэн Гриценко бэлиэтээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киирэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

17 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

1 час ago