Александр Гриценко: «Казак уопсастыбатыттан 50 тахса киһи сулууспалыыр»
«СӨ уокуруктааҕы казак уопсастыбатыттан 50 тахса киһи байыаннай дьайыыга сылдьар», — диэтэ атамаан Александр Гриценко.
Саха сиригэр уокуруктааҕы казактар уопсастыбалара 2005 с. тэриллибитэ. Манна куораттааҕы, станицалар уонна хутордар уопсастыбалара киирэллэр. Уопсастыба ахсаана — 500 тахса казак. Сүрүн соругунан төрүт култуураны харыстааһын, устуоруйа кырдьыгын илдьэ сылдьыы, оҕолору уонна ыччаты Аҕа дойдуну таптыырга иитии. «Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тыл этиитигэр казачество ситимэ дойдуга көдьүүстээхт диэбитэ.Саха сиригэр казактар байыаннай-патриотическай кулууптара уонна Дьокуускайга, Нерюнгригэ кылаастара тэриллибиттэрэ.», — диэн атамаан бэлиэтээтэ. Кинилэр казактар ырыаларын өрөспүүбүлүкэтэҕи бэстибээллэрин тэрийэллэр, призывка ыҥырыллыахтаах ыччаты мунньан үөрэтэллэр. Саха сирин казактара «Казачий сполох» Бүтүн Арассыыйатааҕы оонньууларга кытталлар. Быйыл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр аан бастаан Саха сирин казактара сулууспалыылларыгар үп көрүллүбүтэ. Онон СӨ ИДьМ, СӨ ЫБМ, айылҕа харыстабылын министиэристибэтин кытта сөбүлэһиилэри түһэрсибиттэрэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: