Александр Иванов: «Сахалыы киинэни көтүппэккэ көрөбүн»

Share

«Триумф» (режиссер Михаил Лукачевскай) киинэни көрөн баран, Монреаллааҕы Олимпиада көҥүл тустууга үрүҥ көмүс призера Александр Иванов санаатын үллэһиннэ. Кини оруолун киинэҕэ Дьулусхан Андросов толордо.

«Киинэ олус үчүгэйдик уһуллубут, кыра нюанстар бааллар, ол эрээри бу уус-уран киинэ буоллаҕа. Манна биһиги олохпутугар дьиҥнээхтии буолбут түбэлтэлэр киирдилэр, сүрүн тиэмэ арылынна. Режиссер Михаил Лукачевскай успуортан тэйиччи киһи да буоллар, бу тиэмэни дириҥник өйдөөн уонна билэн уһулла. Кини Олимпиада бүтүн хартыынатын, биһиги туох ыарахаттары көрсүбүппүтүн илэ баардыы оҥорбут. Артыыстар спортсмен буолбаталлар даҕаны, ыарахан оруоллары бэркэ толордулар. Дмитрий Петрович Коркин оруолун толорбут Иннокентий Луковцев олус итэҕэтиилээхтик оонньоото. Онон киинэни оҥорбут бүтүн хамаанданы киинэ үрдүкү тиэхиньикэтин барытын баһылаабыт дьон диэн сыаналаатым.

Үгүстэр мин миэстэбэр эбиттэрэ буоллар бэринэн, баҕа санааларын хаалларыа эбиттэрэ буолуо. Мин Олимпиадаҕа син биир барыам диэн эппитим. Ону артыыс Дьулусхан Андросов көрдөрдө. Кини Юдзи Такадалыын 11:11 ахсааҥҥа киирсэрбитигэр, мин этим-сииним эстэн барарын бу баардыы көрдөрдө. Тохтобул буолбутугар, кырдьык, барыта туман курдук буолбутун өйдүүбүн. Оннук салгыы туста киирбитим, илиим да, атаҕым да бэйэбин истибэт буолбуттар этэ. Үһүс периодка утарылаһааччым атахпар киирбитигэр, былчыҥнарым күүрэн, сатаан хамсаабат буолбуттара. Бу маннык мин спортивнай карьерам тухары биирдэ эрэ буолбута. Биир ый иһигэр 12 киилэни түһэрэн, ол ыйааһыны тута сатаан эппин-сииммин айгыраппытым. Ким эрэ хамаандаттан миигин таһааран, атын киһини Олимпиадаҕа ыытаары, прикидка күнүн уларыта турбута. Миигин оннук гынан кыайа сатаабыттара, ол эрээри мин хапсыһыыга күүстээхпин билэрим.

Саҥа киинэ саха киинэтин саҥа таһымҥа таһаарда. Киинэни көрөн баран олус долгуйбутум, онон премьераҕа сатаан тыл эппэтэҕим. Биир даҕаны сахалыы киинэни көтүппэккэ көрөбүн», — диэн Александр Иванов санаатын СИА-ҕа үллэһиннэ.

What’s your Reaction?
+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах». Кимнээх кыайдылар?

 Соторутааҕыта ыытыллыбыт  «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах»  норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…

17 минут ago
  • Оҕо саас сыла
  • Чэгиэн

10 тыһ. кэриҥэ кыһыл оҕоҕо нэһилиэстибэнэн бэриллэр ыарыы баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр

Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбит дьиэлээх ыалларга хоромньуларын төлүүргэ миллиард кэриҥин биэриэхтэрэ

Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…

41 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Алдаҥҥа торҕоннообут эһэ булчуту эчэппит, ыты сиэбит

Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ытык Сайсары күөл статуһа уларыйда

Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат  күөлэ судаарыстыбаттан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Субсидияҕа тоҕо аккаастыылларый?

Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…

2 часа ago