Кэлим сүрүннүүр киин (ЕКЦ) байыаннай сулууспалаахтарга көмөтүн байыаннай дьайыы буола турар уонна чугастааҕы сирдэргэ кэҥэтэн иһиэҕэ. Билигин Крым, Ростов-на-Дону, ДНӨ куораттарыгар тирэх пууннар үлэлииллэр. Бу пууннарга өрөспүүбүлүкэттэн таһаҕастар кэлэ тураллар.
Бу туһунан Кэлим сүрүннүүр киини салайааччы, Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов «Боотур» этэрээт хамандыыра, 2-с «Барс» этэрээт хамандыырын солбуйааччы Александр Колесовтыын көрсүһүүтүгэр кэпсэттилэр.
“Боотур” этэрээт байыаннай дьайыыларга бэлэмнэнэр биир дойдулаахтарыгар күүс-көмө буолуо, байыастары кытары кыттыгас үөрэҕи тэрийиэ диэн сөбүлэстилэр.
— Биһиги инники кирбиигэ сылдьан, биир дойдулаахтарбыт өйөбүллэрин билэр этибит. Көмө, өйөбүл кэлэ турбута. Холобур, “Пикап” массыынаны биэрбиттэригэр олус үөрбүппүт. Бу массыына туһата баһаам, эчэйбит байыастары таһар. Дойдубутуттан кэлбит баһыылкалар – тепловизордар, бинокллар, коптердар, суруктар, эбэлэр, ийэлэр баайбыт сылаас наскылара – биһиэхэ күүспүтүгэр күүс эбэр, санаабытын бөҕөргөтөр этилэр, — диэн Александр Колесов кэпсээтэ.
Кэлим сүрүннүүр киин көмөтүнэн, бу күннэргэ “Боотур” этэрээт хамандыыра Москваҕа уонна чугастааҕы куораттар госпиталларыгар эмтэнэ сытар байыастарга сырытта, көрүстэ. Бу кэнниттэн Санкт-Петербурга уонна Ленинградскай уобаласка баар уолаттары көрсүөҕэ.
Санатар буоллахха, Кэлим сүрүннүүр киин Ил Дархан быһаарыытынан Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин базатыгар тэриллибитэ биир ый буолла. Сүрүн үлэлэрэ – байыаннай сулууспалаахтарга көмөлөһөргө былаас уорганнарын кытары үлэни сүрүннээһин, Оборуона министиэристибэтин кытары бииргэ үлэлэһии, о.д.а. буолар.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…