Александр Колесов Санкт-Петербург госпиталларыгар сырытта

Share

“Боотур” этэрээт хамандыыра Александр Колесов Санкт-Петербург байыаннай госпиталларыгар эмтэнэ сытар байыастарга сырытта.

Александр Колесов этэрээт былааҕын, “нашивкаларын” туттарда, доруобуйаны чөлүгэр түһэрии, эмтэнии уонна Саха сиригэр тиийэн үлэни булуу былаанын кэпсэттэ, усулуобуйаларын билистэ. Ону тэҥэ, бу көрсүһүүлэргэ Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин, Кэлим сүрүннүүр киин үлэһиттэрэ, анал дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэрин өйүүр киини салайааччы Туйаара Колесова сылдьыстылар.

Уолаттар санаалара бөҕөх, биир дойдулаахтарын өйөбүллэрин билэллэр-көрөллөр, махтаналлар. Кинилэргэ байыастар эҕэрдэлэрин, этэрээппит бэлиэлэрин туттардым. Үс ый көрсүбэтэх буолан, үөрүү-көтүү үгүс. Усулуобуйалара үчүгэй, миэдиктэр болҕомтолоохтук, кыһаллан көрөллөр-истэллэр, эмтииллэр. Онон эмтэнэллэригэр туох наадалаах барыта баар, — диэн Александр Колесов эттэ.

Мин бүгүн олус үөрэн уһугуннум, күүспэр күүс эбиллибит курдук буолла. Аймахтарым кэлэ сылдьыбыттара, биир дойдулаахтарбыт-волонтердар көмөлөһөллөр. Биһиги уолаттарбытыгар бүтүн өрөспүүбүлүкэ көмөлөһөр. Онон өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, Ил Дархаҥҥа махтанабыт, — диэн байыастартан биирдэстэрэ эттэ.

Кэлим сүрүннүүр киин көрсүһүүлэри тэрийэр, байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр докумуоннарыгар, өрөспүүбүлүкэтээҕи төлөбүрдэри ылалларыгар көмөлөһөр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннай суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

35 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирэ ойууру чөлүгэр түһэриигэ бастыҥ буолла

«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор оскуола эбии дьиэтэ тутуллар

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…

1 час ago