Александр Корякин: «Өрөспүүбүлүкэ сайдыыта – кини хас биирдии олохтооҕун дьаныардаах үлэтэ»

Share

Ил Түмэн тутууга, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар уонна энэргиэтикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Корякин Ил Дархан Айсен Николаев быйылгы Анал этиитигэр өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбатын үрдэтии уонна уйгутун тупсарыы биир сүрүн суолталаах хайысха буоларын ыйда диэн эттэ:

— Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин сайдыытын тирээн турар соруктарын эрэ буолбакка, биһиги иннибитигэр туруоруллубут соруктары ситиһиилээхтик толорбуппут: бөдөҥ бырамыысыланнай бырайыактары олоххо киллэрии, саҥа эбийиэктэри тутуу, территорияны кэлимник сайыннарыы уонна хаарбах дьиэлэри суох оҥоруу бырагырааматын көмөтүнэн олорор дьиэни тутууну улаатыннарыы туһунан этилиннэ. Хас биирдии кэриэтэ муниципальнай оройуоҥҥа уопсастыбаннай миэстэлэри тупсарыыга бырайыактар оҥоһулланнар олоххо киирдилэр. Биһиги бүгүн элбэх боппуруоска, холобур, тутууга, тырааныспар сырыытыгар, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбаҕа табыгастаах эйгэни тэрийиигэ тиһиктээх үлэ барарын көрөбүт.

Айсен Николаев Анал этиитигэр тыа сиригэр каадыр тиийбэт кыһалҕата сытыытык турар диэтэ. Мин эмиэ хаста да бэлиэтээбиппинэн, муниципальнай оройуоннарга кыһалҕалаах боппуруостартан биирдэстэринэн, ордук Арктика уонна хоту оройуоннарга каадыр тиийбэтэ буолар. Итиннэ сүрүн усулуобуйанан эдэр исписэлиистэри дьиэнэн-уотунан хааччыйыы буолар, онон социальнай эбийиэктэри тутууну сэргэ кинилэргэ анаан толору хааччыллыылаах дьиэни тутуохха наада.

Ил Дархан эппитинэн, быйыл 3 млрд солк. кэриҥэ куораттары уонна сэлиэнньэлэри тупсарыыга ыытыллыбыт. 2023 сылга 34 муниципальнай тэриллиигэ 93 эбийиэк тупсарыллыбыт – бу пааркалар, болуоссаттар уонна сынньалаҥ зоналара, сатыы дьон сылдьар сирдэрэ, бу «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырайыак чэрчитинэн тиэргэннэри тупсарыы. Мин өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар сылдьан, тупсарыы үлэтигэр хайдах курдук турунан, ис дууһаларыттан көхтөөхтүк кытталларын, төрөөбүт дойдуларыгар истиҥ тапталынан айыллыбыт саҥа уопсастыбаннай эйгэ аһылылытыгар үөрэллэрин-көтөллөрүн көрөбүн.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Алексей Агапов мас-рестлиҥҥэ Арассыыйа бастакы үтүөлээх тириэньэринэн буолла

Саха сирин элбэх спортсменнарын үөрэппит Алексей Агаповка дойду успуордун миниистирэ Михаил Дегтярев бирикээһинэн мас-рестлиҥҥэ Арассыыйа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга «Түмэллэргэ түүн» аахсыйа аан бастакытын геология тиэмэтигэр ананар

Дьокуускайга ыам ыйын 17 күнүгэр «Түмэллэргэ түүн» диэн аахсыйа ыытыллар. Быйыл аан бастакытын аахсыйа геология…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

С гепатиттаах ыарыһахтары эминэн-томунан хааччыйыахтара

«Продолжительная и активная жизнь» саҥа национальнай бырайыак олоххо киириитин чэрчитинэн Саха сиригэр сыл саҕаланыытыттан «Гепатиты…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

ВИДЕО: Горнай трассатыгар муус маҥан кырсаны көрдүлэр…

Социальнай ситимнэринэн Саха сирин олохтоохторо Орто Сурт бөһүөлэк аттыгар трассаҕа маҥан кырсаны бэлиэтии көрбүттэрин видеоҕа…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сиригэр бэтэрээннэргэ анаан мэдиссиинискэй уонна психологическай бырагыраамалар үлэлииллэр

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ мэдиссиинэ уонна психологическай бырагыраамалар…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһугар сокуоннайа суох үлэни бохсор бөлөх мунньахтаата

СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар олоҕуран, Нам улууһугар сокуоннайа суох үлэни бохсор  бөлөх тэриллибитэ. Бөлөх салайааччыта –…

5 часов ago