Александр Кошуков: «Баһылыктар бэйдиэ сылдьар ыттары утутар сокуону толорортон куттаналлар!»
Саха сиригэр Ил Түмэн дьокутааттара эрэгийиэн иһинэн ылыммыт бэйдиэ сылдьар ыттары утутар туһунан сокуоннара тоҕо үлэлээбэтий?
Норуот дьокутаата Александр Кошуков 2758-3 № 191 — VII №дээх бэйдиэ сылдьар ыттары утутар туһунан сокуон биэс ааптарыттан биирдэстэрэ буолар. Бу сокуон тоҕо үлэлээбэтий?
Бастатан туран, кини бэлиэтииринэн, сокуону олоххо киллэриигэ чуолкай ньыма суоҕуттан, иккиһинэн, нэһилиэк баһылыктара РФ холуобунай кодексатын 245 ыст. кыылга кырыктаах сыһыан иһин үс сылга хаайыы болдьоҕо көрүллэринэн, эппиэтинэһи ылартан куттаналларыттан тахсар диир кини. Бэйдиэ сылдьар ыттар дьоҥҥо, оҕолорго саба түһэн иэдээннэр тахсаллар. Ол да буоллар, сокуон үлэлээбэт. 2758-3 № 191-VII -дээх «Об установлении порядка осуществления деятельности по обращению с животными без владельцев и определения перечня мероприятий при осуществлении такой деятельности на территории РС(Я)» сокуон бу сыл бэс ыйын 13 күнүгэр ылыныллыбыта. Бу сокуон 10 ыстатыйатыгар ыалдьыбыт, дьоҥҥо саба түһэр, кутталынан суоһуур, хаһаайына суох кыылы эрэйдээбэккэ эрэ сымнаҕастык бэтэринээринэй пууҥҥа утутуу туһунан суруллар. Ол эрээри кыылы көмүскэһээччилэр, бу сыл балаҕан ыйын 17 күнүгэр Үрдүкү суукка ыты быстах кэмҥэ тутар пууҥҥа туран 30 хонук иһигэр хаһаайынын булбатаҕына утутуллуон сөбүн туруорсубуттара. Ол түмүгэр, тыйыс кыһыннаах Сахабыт сиригэр бэйдиэ сылдьар ыттар адьырҕатыйаллар, үөрдүһэллэр. Нерюнгри оройуонугар билигин даҕаны бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата сытыытык турар. Ыт ахсаана аччаабат диэн дьокутаат суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: