РФ Айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козлов бу күннэргэ Саха сиригэр үлэлии сылдьар.
Күн иккис аҥаарыгар миниистир Саха сиригэр үлэтин түмүгүнэн мунньахтаата. Александр Козлов эппитинэн, кини Москваттан элбэх киһилээх хамаанданы илдьэ кэлбит. Кинилэр истэригэр баайдаах сири көрдөөччүлэр, баайдаах сири туһаныыны хонтуруоллааччылар, о.д.а. бааллар. Биһиги өттүбүтүттэн сир баайын туһанааччылар тустарынан улахан дакылааты оҥорбуттарын билиһиннэрдэ. Онно сир анныттан хостонор баайдаах сири туһаныы көҥүлүн ылыы ол сиргэ бырааптаныы эрэ буолбакка, дойду бүддьүөтүгэр эппиэтинэһи сүгүү, ол бүддьүөккэ киирэр дохуоттаах чааһа буолар диэн быһаарда.
«Саҥа сири баһылыыр көҥүлү ылбыт дьон итини таһынан үлэ миэстэтин тэрийиэхтээхтэр, дойдуга нолуок төлүөхтээхтэр. Саха сиригэр биһиги 1,5 тыһыынчаттан тахса көҥүлү бэрэбиэркэлиибит. Бастакы кыбаартал түмүгүнэн, 475 бэрэбиэркэлэммит көҥүлтэн 167-тэ элбэх кэһиини оҥорбуттарын туһунан биллэриини туттулар. Сэрэтиллибит болдьох иһигэр көннөрбөтөхтөрүнэ, ол сирдэрин ылан баран, саҥаттан аукциоҥҥа таһаарыахпыт. Ааспыт сыллардааҕы бэрэбиэркэлэринэн, 83 көҥүл көннөрүүгэ сылдьар. Ону таһынан кэскиллээх саҥа сирдэри көрдөөһүн туһунан кэпсэттибит. Билигин баһылана сылдьар сирдэр ааспыт үйэ 70-80 сс. геологтарынан чинчийиллибит сирдэр. Оттон аныгы үйэ геологтарын үлэлэрин түмүгэ ханна баарый? Ол иһин «Роснедраны» уонна сир баайын туһанар бөдөҥ хампаанньа бэрэстэбиитэллэрин кытары быһаарыстыбыт уонна көдьүүстээх сири-уоту көрдүбүт. Чугастааҕы кэмҥэ дойду экэниэмикэтигэр дохуоту киллэриэхтээх хайысхалары быһааран, онтон салгыы 2030 сылга диэри үбүлээһини көрөрү дьүүллэстибит. Итиннэ кэккэ кыһалҕалар баалларын көрдүбүт уонна экэниэмикэ өссө күүскэ сайдарыгар туох мэһэйдэр баалларын быһаарыстыбыт», — диэтэ Александр Козлов.
Миниистир бу мунньах түмүгүнэн Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр улахан ырытыылаах бырамыысыланнас, экэнэмиичэскэй сайдыы, үп миниистирдэрин этиилэрин киллэрэн туран, дакылааты оҥоруохпут диэтэ.
Дойду премьер-миниистирэ Михаил Мишустин сорудаҕынан тэриллибит «Геология. Возрождение легенды» фронтальнай стратегияны киллэрэргэ туруорсуохпут диэтэ кини.
Салгыы миниистир: «Ити бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр гаас, кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс баар баайдаах сирдэрэ чинчийиллэллэр. Ити инникитин Саха сирэ сайдарыгар, дойду экэниэмикэтэ сайдарыгар кыаҕы үөскэтиэ», — диэн түмүктээтэ миниистир.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…