Салгыы
Александр Крылов кэриэһигэр ыытыллар көҥүл тустууга турниры быһа эпииргэ көрүҥ

Александр Крылов кэриэһигэр ыытыллар көҥүл тустууга турниры быһа эпииргэ көрүҥ

Ааптар:
02.11.2024, 11:00
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Бүгүн уонна сарсын, сэтинньи 2-3 күннэригэр, Дьокуускайга «Өрөгөй» успуорт комплексыгар көҥүл тустууга Арассыыйа успуордун маастара, Ил Түмэн норуодунай дьокутаата Александр Крылов кэриэһигэр көҥүл тустууга Арассыыйатааҕы турнир ыытыллыаҕа. Манна Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыттан 98 тустуук кыттыаҕа.

Күрэхтэһии 11 чаастан саҕаланар. Хапсыһыылары бу сигэнэн быһа эпииргэ көрүөххэ сөп: https://vk.com/triumphsakha

Турнирга кытта Бурятия, Тыва, Владивосток, Иркутскай, Кемерово, Красноярскай, Новосибирскай, Хабаровскай уонна Монголия тустууктара кэлиэхтэрэ. Кыайыылаахтар 70 тыһ.солк, иккис миэстэлээхтэр 50 тыһ.солк., үһүс миэстэлээхтэр 30 тыһ.солк. наҕараадаланыахтара. Итиэннэ 20 тыһ.солк.-ы чөмпүйүөннэр тириэньэрдэригэр туттарыахтара. Турнир кыайыылаахтарын иһигэр 1 мөл.солк. уу харчынан бириис оонньонуоҕа. Көрөөччүлэргэ киирии — босхо.

Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын састааба маннык:

57 киилэҕэ: Николай Охлопков, Федор Постников, Петр Адамов, Александр Эмидак, Егор Явловскай, Иосиф Никонов, Алексей Максимов, Арсен Кондратьев, Уйгун Степанов, Максим Егоров, Айсен Иванов, Анатолий Иванов, Альберт Оконушкин, Валерий Андросов, Юрий Анисимов, Ян Васильев, Дархан Каримов, Дмитрий Федоров, Дьулус Петров, Данил Мохначевскай, Ярослав Осипов, Юрий Винокуров, Михаил Осипов, Алексей Фокинов, Иван Степанов;

61 киилэҕэ: Уйгулаан Иванов, Александр Авелов, Артём Слепцов, Михаил Иванов, Петр Константинов, Манчаары Ильинов, Валентин Бурнашев, Ярослав Яковлев, Айтал Васильев, Владислав Макарцов, Эдуард Попов, Александр Егоров, Владимир Пинигин, Иван Корякин, Феликс Неустроев, Николай Заболоцкай, Николай Жирков, Дамир Явловскай, Артур Макаров, Сандал Прокопьев, Семен Сивцев;

65 киилэҕэ: Дьулусхан Тотонов, Юлиан Григорьев, Ньургун Терентьев, Эрчим Дьячковскай, Арсен Кононов, Степан Охлопков, Александр Болуров, Павел Алексеев, Эрэл Леонтьев, Василий Григорьев, Будимир Трофимов;

70 киилэҕэ: Айсен Потапов, Давид Чириков, Иннокентий Антонов, Сергей Некрасов, Константин Слепцов, Иван Потапов, Вячеслав Слепцов, Гаврил Варламов, Александр Неустроев, Вадим Винокуров, Дамир Шевелев, Игорь Матвеев, Уйгулаан Протодьяконов;

74 киилэҕэ: Албан Аввакумов, Константин Капрынов, Николай Сивцев, Иннокентий Бабаранов, Станислав Сивцев, Андрей Румянцев, Алексей Захаров, Тулуйхан Никитин, Дамир Попов;

79 киилэҕэ: Роман Николаев, Тимур Николаев, Анатолий Никитин, Михаил Павлов;

86 киилэҕэ: Андриан Ленскэй, Виталий Ефремов, Владислав Романов, Борис Гаврильев, Былаас Сивцев;

92 киилэҕэ: Ньургун Сергин, Степан Иванов;

97 киилэҕэ: Максим Толмачев, Никита Софронов, Данил Иванов, Евгений Аронов;

125 киилэҕэ: Никита Хабаров, Эдуард Максимов, Петр Соловьев, Михаил Нестеров.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: