Александр Михайлов тимир уустарын быыстапкатыгар ситиһиилээхтик кытынна
Дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа ыытыллыбыт “Клинок – традиции и современность” диэн үгэскэ кубулуйбут норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа Нам улууһуттан тимир ууһа Александр Михайлов ситиһиилээхтик кытынна.
Бу туһунан Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Александр Анатольевич Москва куораттан төлөпүөнүнэн сибээскэ тахсан уустар күрэстэригэр ситиһиилээхтик кыттыбытын иһитиннэрдэ.
“Саха сириттэн “Мин Биисинэһим» тэрилтэ уонна Саха сирин Уустарын сойуустарын өйөбүллэринэн 9 тимир ууһа буолан кытынныбыт. Быыстапкаҕа аҕалбыт быһахтарбытын хайдах-туох оҥорбуппутун, тугу туһаммыппытын, туохха аналлааҕын, ойуутугар-бичигэр, кыыныгар тиийэ сиһилии кэпсээтибит, сытыылаан көрдөрдүбүт. Бастыҥнары талыы күрэхтэһиитэ хас да хайысханан ыытылынна. Мин «Национальный нож” диэн номинацияҕа «Авторский нож» диэн категорияҕа иккис миэстэ буоллум. Бу быыстапкаҕа иккис кыттыым. Бастаан Нам улууһун тимир уустарын салайааччыта, норуот маастара Михаил Баишевы (1 Хомустаах) кытары кэлэн ситиһиилээхтик кыттыбыппыт. Быыстапка кэнниттэн Москва куорат уонна аттынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга (Подмосковье) олорор тимир уустарын ыҥырыыларынан тиийэн үлэлиир мастарыскыайдарын көрдүбүт, үлэлэрин билистибит”, — диэн Александр Михайлов кэпсээтэ.
Маннык тэрээһиннэргэ сылдьан киһи сайдар, атын маастардар үлэлэрин көрөн үөрэнэр, элбэх киһини кытта билсэр диэн Александр Анатольевич эбэн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: