Александр Миронов: “Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара Владимир Путин көмөтүнэн улахан өйөбүллээхтэр»
Байыаннай эпэрээссийэҕэ инники кирбиигэ сылдьар байыастарга өйөбүл уонна байыаннай дьайыыттан кэлбит дьоҥҥо көмө туһунан Москва чугаһыгар баар “Патриот” кииҥҥэ дьүүллэстилэр.
Манна «Сулууспалааһын» марафон чэрчитинэн “Ыстааллааҕар күүскэ” диэн көрсүһүүгэ дойдуттан барытыттан муниципальнай үлэһиттэр кэллилэр. Көрсүһүүгэ РФ дьоруойдара, ону сэргэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ийэлэрэ, кэргэттэрэ уонна оҕолоро кытыннылар.
Кинилэр ортолоругар байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээнэ уонна Уус Маайа оройуоннааҕы сэбиэтин дьокутаата Александр Миронов баар. Александр байыаннай олоҕо 2007-2008 сылларга Хотугу Кавказка контртеррористическай эпэрээссийэҕэ сулууспаттан саҕаламмыта. Онтон Ангарскайга миинэни ыраастааһыҥҥа үөрэммитэ уонна Краснодарскай кыраайга тактическай бэлэмнэниини ааспыта. Байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмытыгар кинини байыаннай бэлэмнэниигэ инструкторынан анаабыттара, онтон байыаннай дьайыы буола турар сиригэр кимэн киирэр рота хамандыырынан барбыта. 2023 сыллаахха хантараага бүтэн, дойдутугар эргиллибитэ.
Александр Миронов этэринэн, “Ыстааллааҕар күүскэ” көрсүһүүгэ патриотизм уонна байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарын өйөөһүн боппуруостарын дьүүллэстилэр. Александр бэйэтэ бу хайысхаҕа Уус Маайа улууһугар элбэх үлэни ыытар.
Кини бэлиэтээн эппитинэн, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара Владимир Путин көмөтүнэн улахан өйөбүллээхтэр.
Александр: «Сүрүн главнокомандующай Владимир Путин – аан дойду хабааннаах киһи. Байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээннэрэ уонна кыттыылаахтара элбэх чэпчэтиинэн туһаналлар. Владимир Путин бэйэтин Анал этиитигэр дойдуну көмүскээччилэр сүрүн үрдүк үөрэх кыһаларыгар үрдүк үөрэҕи бастакынан ылар кыахтаахтарын туһунан эппитэ. Бу – биһиги байыастарбытыгар улахан өйөбүл”, — диэн Александр Миронов эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: