Александр Оконешников: «Күрэхтэһии бэйэбит дьиэбитигэр ыытылларынан улахан эппиэтинэстээх»

Александр Оконешников: «Күрэхтэһии бэйэбит дьиэбитигэр ыытылларынан улахан эппиэтинэстээх»

Ааптар:
21.10.2022, 10:16
Бөлөххө киир:

ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ  Дмитрий Петрович Коркин аатынан көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир чэрчитинэн тэрээһиннэр номнуо саҕаланнылар. Ол курдук, күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэн анал үөрэтэр-эрчийэр түмсүү дьарыга, турнир мэтээллэрин сүрэхтээһин, Саха сирин хамаандатыгар саҥа спортивнай форманы туттарыы…

Улахан түһүлгэ иннинэ Саха сирин көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын кылаабынай тириэньэрэ Александр Оконешниковы көрсөн, санаатын үллэстэригэр көрдөстүбүт.

-Биһиэхэ «Таҥас» фирма үһүс сылын спонсордыыр, — диир Александр Савельевич. Бу сырыыга, тоҕоостоох түгэҥҥэ сөп түбэстэ. Дмитрий Петрович Коркин турнирын иннинэ. Онон «Таҥас» фирма үлэһиттэригэр уонна салайааччы Александр Яковлевич Максимовка улахан махтал! Кинилэр биһигини сүрдээҕин өйүүллэр. Биһиэхэ, тустуук уолаттарга наһаа кыһамньылаахтык сыһыаннаһаллар. Өссө да үүнэ-сайда туралларыгар баҕарабыт! Биһиги уолаттарбыт өссө күүскэ  үлэлээннэр, үрдүк көрдөрүүнү ситиһиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Күрэхтэһиигэ хамаанда барыта биир форманан сылдьара  көрөөччүгэ да үчүгэй уонна уолаттары түмэр даҕаны күүстээх буолуохтаах.

Оннук бөҕө буоллаҕа. Маннык таҥаһы-сабы таҥна сылдьар киһи  бэйэ өттүнэн хомунуулаах, эппиэтинэстээх буолар. Форма кэннигэр Саха диэн суруктаах, түөһүгэр өрөспүүбүлүкэбит былааҕа баар, онон дойду туһугар патриотическай өйүн-санаан уһуктар.

Улуу тириэньэрбит аатынан түһүлгэ чугаһаата. Дьэ, бэйэбит хамаандабыт бэлэмнэниитэ хайдаҕый уонна биһиэннэриттэн кимнээх кыттыахтарай?

— Арассыыйа чөмпүйэнээтин кэнниттэн бэлэмнэниибит ситимин быспатахпыт. Арассыыйа күүстээхтэрин спартакиадатыгар, Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар, 23-гэр диэри саастаахтарга Арассыыйа күрэхтэһиитигэр кыттыбыппыт. Ол тухары дьарык тиһигин быспакка бара турар. Аны Дмитрий Петрович Коркин турнира чугаһаата. Састаап күүстээх буолара күүтүллэр. Бу күрэхтэһии бэйэбит дьиэбитигэр  ыытылларынан улахан эппиэтинэстээх. Маннык түһүлгэҕэ уолаттарбыт бастыҥнары кытта туста үөрэниэхтээхтэр. Холобур, ааспыт А.Крылов турнирыгар Яков Павлов Арассыыйа чөмпүйэнээтин призёрун Жаргал Дамдиновы кыайбыта. Ол курдук, бэйэлэрин дьиэлэригэр-уоттарыгар күүстээх, ааттаах-суоллаах тустууктары кыайа үөрэнэн, салгыы санаалара бөҕөргөөн, соҕуруу тиийэн ситиһиилээхтик тустуохтаахтар.

Коркин турнирыгар лидердэрбит: бырааттыы Копыловтар, Ньургун Сергин, Никита Хабаров уо.д.а. бары кыттыахтара. Онтон сүрүн киһибит Виктор Рассадины бары билэҕит, Арассыыйа  чөмпүйэнээтин кэнниттэн атаҕар эчэйии ылан, тута эпэрээссийэлэнэн, билигин көбүөргэ үлэтин саҥа саҕалаата. Кини сүрүн соруга – тохсунньу ыйга ыытыллар Иван Ярыгин аатынан турнирга ситиһиилээхтик кыттыы буолар. Оттон Лев Павлов Красноярскайга, З.Батаев турнирыгар тустар, онон Коркины көтүтэрэ буолуо. Станислав Свинобоевы эттэххэ, эчэйиитин оһорунан, тустар санаалаах сылдьар. Ол да буоллар, Саха сириттэн Коркин турнирыгар элбэх киһи кыттарга бэлэмнэнэр.

Бэйэбит дьиэбитигэр-уоппутугар ыытыллар күрэхтэһиигэ эдэрдэр эмиэ кыттыахтара. Кинилэр манна туста үөрэниэхтэрин наада. Күрэхтэһии аҕыйаҕынан сибээстээн, хааччахтааһын суох. Ол барыта кинилэргэ туһалаах буолуо дии  саныыбын.

Манна даҕатан эттэххэ, Александр Крылов кэриэһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирга кытта кэлбит хамаандалар салгыы манна хаалланнар, анал эрчиллии тэрилиннэ. Ол курдук, Бурятия, Тыва, Красноярскай, Иркутскай тустууктарын кытта бииргэ эрчиллии барда. Састаап күүстээх диэххэ сөп. Инникитин биһиги, сибиирдэр ити республикаларга, куораттарга тиийэн бииргэ эрчиллиилэри тэрийэр туһунан тириэньэрдэри кытта сөбүлэстибит.

-Александр Савельевич, махтал! Сыралаах үлэҕит ситиһиилээх  буоллун.

Сэһэргэстэ Петр ПАВЛОВ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.   

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 6°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: