Александр Оконешников үөрэнэр кэллиэһин дорҕоонноохтук ааттатта

Share

Алтынньы 17-18 күннэригэр Дьокуускайдааҕы үп уонна экэниэмикэ кэллиэһин базатыгар «2024 сыл бастыҥ устудьуона» бүтүн Арассыыйатааҕы күрэс эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэ буолан ааста.

Бу күөн күрэскэ Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугуттан икки устудьуон кыттан, бэйэлэрин кыахтарын холонон көрдүлэр. Кинилэр кимнээҕий?
Оконешников Александр «Баһаарынньык-23» группа устудьуона, Слепцов Василий «Хайа аһаҕас үлэтин машиниһа» идэ үһүс кууруһун устудьуона.  Устудьуоннары бу күрэскэ дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Н.Е.Большакова, дириэктэр сүбэһитэ В.В. Захарова, уопсай дьиэ иитээччитэ М.В.Цой бэлэмнээн кытыннардылар.
Күрэхтэһээччилэр икки күн устата «Мин идэм».»Аһаҕас уруок»,   «Бэйэни билиһиннэрии»,  «Дьыалабыай оонньуу»  түһүмэхтэргэ ситиһиилээхтик кытыннылар.


«Аһаҕас уруок» түһүмэххэ кыттарыгар Александр Оконешниковы ох сааҕа дьарыктыыр энтузиаст-тириэньэрэ Ньургун Иванович Тистяхов бэйэтинэн кэлэн өйөөн, сүбэ-ама буолбутугар олус үөрдүбүт уонна махтанныбыт.


Уолаттар иккиэн да олус үчүгэйдик, кыһаллан тура кытыннылар.
Уопсай түмүккэ Александр Оконешников «Сыл бастыҥ устудьуона 2024» күөн күрэс «Сыл бастыҥ спортсмена» номинациятыгар 2-с миэстэни ылан, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун өрөспүүбүлүкэ таһымыгар дорҕоонноохтук ааттатта, эрэлбитин түһэн биэрбэтэ. Кэлэктиип аатыттан Александры ситиһиитинэн эҕэрдэлиибит!
Маннык ситиһиилэртэн тирэҕирэн, үүнэн-үрдээн ис диэн алгыыбыт!
Устудьуоннар идэлэригэр эппиэтинэстэрин үрдэтэр маннык күрэстэр сылтан-сыл ыытыллан, тэнийэн-кэҥээн истиннэр.

Надежда БОЛЬШАКОВА, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

3 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

3 часа ago