Салгыы
Александр Островскай уонна Саха тыйаатыра. Ситим быстыбат

Александр Островскай уонна Саха тыйаатыра. Ситим быстыбат

09.12.2022, 10:30
Бөлөххө киир:

 Арассыыйа тыйаатырдарын диэйэтэллэрин сойууһа нуучча биллиилээх суруйааччыта уонна  драматура  Александр Николаевич Островскай төрөөбүтэ 200 сылынан саҥа испэктээкиллэри туруорарга Грант кыайыылаахтарын биллэрбитэ. Кыайыылаахтар ортолоругар Саха тыйаатыра баар.

Грант кыайыылааҕынан буолбут Саха тыйаатыра ахсынньы 10-11 күннэригэр драматург А.Островскай “Ойуур”  испэктээгин СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Сергей Потапов туруорбутун  сүрэхтээри сылдьар. Бу испэктээгинэн Саха тыйаатыра уонна  өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа САССР уонна ССРС норуодунай артыыһа  Дмитрий Ходулов төрөөбүтэ 110 сылын бэлиэтиир.

Соторутааҕыта саҥа испэктээк  хаамыытыгар  аналлаах пресс-кэмпириэнсийэ буолла. Кэмпириэнсийэҕэ СӨ норуодунай артыыһа, СССР уонна Арассыыйа Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата Ефим Степанов, режиссер, СӨ ускуустубатын  үтүөлээх диэйэтэлэ Сергей Потапов, бырайыагы сүрүннээччи,  Саха тыйаатырын литератураҕа чааһын үлэһитэ, театровед Надежда Осипова, испэктээги уотунан-күөһүнэн хааччыйар  худуоһунньук , “Кыһыл көмүс мааска” национальнай бириэмийэ  лауреата Стас Свистунович кытыннылар.

Дьиктитэ  диэн, 1949 сыллаахха  ахсынньы 10 күнүгэр аан бастаан көрдөрүллүбүт испэктээк 73 сылынан эмиэ ахсынньы 10 күнүгэр сүрэхтэнэр буолла. Пресс-кэмпириэнсийэҕэ Сергей Потапов бэлиэтээбитинэн, маннык дьикти сөп түбэһии көрөөччүлэр сүрэхтэригэр, өйдөрүгэр-санааларыгар  умнуллубат уһулуччулаах артыыстары кытары үөһээттэн сибээс баарын биллэрэр. Кырдьыга да оруолларга оччолорго эдэр, онтон кэлин Саха сиригэр биллэр-көстөр, үрдүк ааты-суолу ылыан ылбыт улуу  артыыстар оонньоон ааспыттара. Несчастливцевы – Дмитрий Ходулов, Счастливцевы – Петр Решетников оонньообуттара. Испэктээк режиссера – Василий Местников, худуоһунньук  Агафон Лукин этилэр.

«Саха тыйаатырыгар  Островскайы 1934 сыллаахха аан бастаан режиссер Спиридон Григорьев туруорбута. Онтон ыла, мин ааҕарбынан, Александр Островскай 16-17 араас пьесата сахалыы саҥаран, тыйаатырбыт сыанатыгар туруоруллубут», – диэн Ефим Николаевич ахтан-санаан ааста.

Саха тыйаатырын режиссера Сергей Потапов кэнники кэмҥэ Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр, куораттарыгар ыҥырыынан тиийэн үлэлиирин билэбит. Антон Чехов “Вишнялаах саадын” Казахстаҥҥа туруорарыгар үгэс буолбут көрүүнү арыый уларытан,  аныгылыы ырыаны-тойугу киллэрбитэ, испэктээк Евразиятааҕы норуоттар  икки ардыларынааҕы тыйаатырдар бэстибээллэригэр кыайыылааҕынан тахсыбыта. Онтон А.Островскай “Энньэтэ суох кыыс” (“Бесприданница”) пьесатын эмиэ Казахстаҥҥа Нуучча тыйаатырыгар туруорбута. Онон, “Ойуур” кэмиэдьийэ – кини  улуу драматурга иккис үлэтэ.

Саҥа  кэмиэдьийэттэн  көрөөччүлэр тугу күүтүөхтэрэй диэн ыйытыыга:  “Островскай нуучча реалистическай тыйаатырын маастара буоларын билэбит. Онтон биһиги үлэбит олох атын буолуоҕа. Айар хамаанда чаҕылхай, дэлби тэбэр долгуннаах испэктээк буоларыгар кыһалынна, манна артыыстар элбэхтик ыллыахтара, үҥкүүлүөхтэрэ, ол быыһыгар оонньуулларын да умнуохтара суоҕа”, – диэн быһаарда  Сергей Потапов.

Кэмпэриэнсийэ биир кыттыылааҕа, ыалдьыппыт, Арассыыйаҕа ыҥырыыга сылдьар уотунан-күөһүнэн хааччыйар худуоһунньук Стас Свистунович көрдөһүүнү ылынан,   испэктээккэ үлэлэһэ, Москваттан көтөн кэллэ уонна бүгүҥҥү  кэмпириэнсийэ күндү ыалдьытынан буолла.   Стас Георгиевич   Сергей Потаповтыын Псков куоракка Михаил  Булгаков «Зойкина квартира» диэн мусукаалынай испэктээги туруоран, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыттара.

«Мин сыана уотунан-күөһүнэн дьарыктаммытым хайыы-үйэ 13 сыл буолла. Саха сиригэр бастакы кэлиим. Сергейгэ махтанабын. Премьера буолара кылгас кэм хаалла эрээри, барыта сатаныа диэн эрэнэбин», – диэн айар кэлэктииби, артыыстары кытары бииргэ табыллан  үлэлииригэр эрэлин биллэрдэ.

Бырайыагы сүрүннээччи, театровед Надежда Осипова:

-«Ойуур» испэктээк 1949 сыллаахха эмиэ ахсынньы 10 күнүгэр сүрэхтэммит эбит. Национальнай архыыпка баар  испэктээк туруон иннинэ ыытыллыбыт уус-уран сэбиэт мунньаҕын боротокуола ону туоһулуур. Аны туран, 1973 сыллаахха суруйааччы 150 сыла бэлиэтэнэригэр саха  биллиилээх учуонайа Георгий Башарин «Островский и Якутия» диэн кинигэтэ тахсыбыт. Кинигэ түмүктэниитигэр «Островскай пьесаларын сахалыы тылбааһын тарҕатыахха, кини айымньыларын туруоруохха наада», —  диэн туһаайыы оҥорбуттаах. Дьэ, ол этиитэ туолан иһэр– диэн  Островскай уонна Саха тыйаатырын ситимнэрин чопчулаан биэрдэ.

Сергей Потапов санаатынан, нуучча драматургиятын национальнай тыйаатырдарга туруорар уустук. Тоҕо диэтэххэ, көрөөччү тылбаастаммыт пьесаҕа соччо кэлбэт. Ол иһин, Островскай “Ойуурун” төһө кыалларынан саха көрөөччүтүн  өйдөбүлүгэр сөп түбэһиннэрэргэ кыһаллыннылар. Манна эбэн эттэххэ, Александр Островскай төрөөбүтэ 200 сылынан билигин үс национальнай тыйаатырга туруораллар. “Биһиги кинилэр ортолоругар  сүтэн-симэлийэн хаалбакка,  кинилэртэн ураты буолуохпутун баҕарабыт”, — диэн Сергей Потапов пресс-кэмпириэнсийэни түмүктээтэ.

Граннаах испэктээк бырайыагар саҥаны киллэрии, сонун көстүү  эмиэ элбэх. Ол курдук, испэктээк сыанаҕа көрдөрүллүөн иннинэ  көрөөччүлэргэ аһаҕас лиэксийэлэр буолуохтара. Бастакы күн (ахсынньы 10 күнүгэр)  Надежда Осипова  “Саха тыйаатыра уонна  А.Н.Островскай” тиэмэҕэ, онтон иккис күн (ахсынньы 11 күнүгэр) ХИФУ филологияҕа факультетын  “Нуучча уонна  омук литературата” кафедратын доцена, филология наукатын хандьытаата  Ольга Дедюхина  “Ойуур” кэмиэдьийэнэн “Тыйаатыр иһигэр тыйаатыр” тиэмэҕэ лиэксийэ ааҕыахтара.

Абстрактнай-абсурднай эйгэлээх “Ойуур” испэктээк 2 чаас 30 мүнүүтэ устата барыаҕа.

БЫҺААРЫЫ:

Испэктээк  режиссера – Сергей Потапов, Кирилл Семенов тылбааһа. Оруолларга – СӨ үтүөлэээх артыыстара Ильяна Павлова,  Иннокентий Луковцев,  Ирина Никифорова уонна Геннадий Турантаев,  Айталина Лавернова, Айсен Лугинов,  Эдуард Захаров, Альберт Алексеев, Николай Протасов,  Илья Стручков,  Владимир Винокуров,  Роман Дорофеев уо.д.а. оонньууллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: