Салгыы
Александр Тарасов: «Фашизмы утарыы пуорума үүнэр көлүөнэни иитэргэ улахан суолталаах»

Александр Тарасов: «Фашизмы утарыы пуорума үүнэр көлүөнэни иитэргэ улахан суолталаах»

30.10.2024, 17:15
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 6 күнүгэр – Норуот сомоҕолоһуутун күнүн чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ Фашизмы утарыы II пуорум ыытыллаары турар. Бастакы пуорум былырыын Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн ахсынньыга Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүгэр ананан ыытыллыбыта.

Пуорумҥа федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи эспиэрдэр, ситэриилээх былаас уонна муниципальнай тэриллиилэр үлэһиттэрэ, уопсастыбанньыктар, актыбыыстар, ону тэҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа Дьоруойдара кыттыахтара.

«Саха сирэ» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ, военкор Александр Тарасов этэринэн, бу пуорум бар дьоҥҥо дойдубут устуоруйатын өйдөтөргө, инникитин даҕаны үйэтитэргэ уонна үүнэр көлүөнэни патриоттуу иитэргэ улахан суолталаах.

«Бу күннэргэ Саха сиригэр Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр Фашизмы утарыы II пуорума буолаары турар. Бастакы Фашизмы утарыы пуорума былырыын Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүгэр ыытыллыбыта. Тэрээһин саха дьонун фашизмы утары охсуһууга, уопсай сыалы, кыайыыны ситиһии тула түмпүтэ. 80 сыл анараа өттүгэр биһиги дойдубут Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайбыта, ол эрээри билиҥҥи кэмҥэ нацизм аныгы көрүҥүнэн Арассыыйаҕа кутталы үөскэтэр. Биһиги Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыыбыт туһунан өйдөбүлү, устуоруйа чахчытын өйбүтүгэр-санаабытыгар дириҥник иҥэриэхпитин, кэнчээри ыччаппыт ону чопчу өйдүүрүн, сыаналыырын курдук үйэтитиэхпитин наада. Бу пуорум неонацистскай идеологияны уонна иэдээннээх содуллаах алҕастары таһаарыыны утары прогрессивнай күүстэри холбуоҕа», — диэтэ военкор Александр Тарасов.

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 октября
  • -15°C
  • Ощущается: -20°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: