Александр Титигиров үбүлүөйүгэр анаммыт испэктээкиллэр

Share

Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сүрүн режиссера, СӨ ускуустубаларын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров үбүлүөйүнэн, кини испэктээкиллэрин көрдөрүөхтэрэ.  

Хаартыскаҕа: "Хааннаах илкээни"

Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сүрүн режиссера, СӨ ускуустубаларын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров 55 сааһын туолар үбүлүөйүн чэрчитинэн, кини туруорбут испэктээкиллэрэ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уонна Ньурбатааҕы Судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырын сыаналарыгар көстүөхтэрэ.

Ахсынньы 6 күнүгэр «Хааннаах Илкээни туһунан номох» уонна ахсынньы 7 күнүгэр «Дохуоттаах» («Доходное место») испэктээкиллэр Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар буолуохтара.

Ахсынньы 12 күнүгэр «Кэҕэ», онтон ахсынньы 13 күнүгэр «Хааннаах Илкээни туһунан номох» испэктээкиллэр Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырга көстүөхтэрэ.

Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-сулууспата

«Хааннаах Илкээни туһунан номох» испэктээкил

В.С. Яковлев-Далан «Тулаайах оҕо» романынан туруоруллубут «Хааннаах Илкээни туһунан номох» испэктээкилгэ нуучча омук кэлиэн иннинээҕи Саха сиригэр олорор омуктар олохторо-дьаһахтара, устуоруйалара кэпсэнэр. Кэмэ-кэрдииһэ – ХVI үйэ. Бу кэмҥэ сахалар уонна да атын төрүт олохтоох омуктар биистэргэ арахсан, тус-туһунан  олороллор уонн бэйэ-бэйэлэрин кытта кыргыһаллар. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанар өс саастаахтар уонна иэстэбили толорор адьынаттаахтар эбит. Ол эрээри, түмүккэ дьон мындыр өйө-санаата баһыйан, үйэлэр тухары абааһы көрсүү уонна өстөһүү тохтуур.

Туруорааччы худуоһунньук: СӨ култууратын туйгуна Егор Аммосов.

«Дохуоттаах» («Доходное место») испэктээкил

Александр Островскай пьесатынан «Дохуоттаах» («Доходное место») испэктээкилгэ көрүдьүөс түгэннэри кытта социальнай сатира көстөр. Манна драматург кытыы сир чунуобунньуктарын сытыы бөрүөтүнэн күлүү гынар. Ол курдук, айымньыга харчы иэһигэр баайыллыбыт эрэйдээхтэр, бэйэлэрин балаһыанньаларын көннөрүнэ сатаан, табыгастаахтык ойох ыла сатааччылар, тапталы көрдөөччү чэпчэки санаалаах эр дьон, барыһы эрэ көрдүүр чычаас өйдөөх атыыһыттар кыргыттара уонна дворянкалар көстөллөр…

Испэктээкил тифлокомментированиелаах барар.

«Кэҕэ» испэктээкил

Хотугу норуоттар остуоруйаларыгар уонна номохторугар олоҕурбут «Кэҕэ» испэктээкилгэ түөрт араас устуоруйа холбонон кэпсэнэр. Манна аан дойду айыллыытын номоҕо, «Тураах уонна хаххан» остуоруйа, хотугу омуктар аал уокка ытык сыһыаннара уонна cүрэҕэ суох оҕолортон куотар ийэ кэҕэ туһунан көстөр.

Туруоруу оҕолору кэрэхсэтэр бэрт сэргэх ырыалардаах, үҥкүүлэрдээх уонна оонньуулардаах. Ис хоһооно киһини үчүгэйгэ, үтүө майгыга үөрэтэр. Туруорааччы худуоһунньук: СӨ култууратын туйгуна Егор Аммосов.

Александр Титигиров туһунан

Хаартыска: Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра

Александр Васильевич Титигиров Саха АССР Ленскэй оройуонун Чаппанда нэһилиэгэр 1968 сыллаахха балаҕан ыйын 9 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. 1985 с. Чаппандатааҕы орто оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитэ. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта. 1990 сылтан Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырга артыыс быһыытынан айар үлэтэ саҕаламмыта.

1996 с. Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын, оттон 2007 с. Илин-Сибиирдээҕи култуура уонна ускуустубалар судаарыстыбаннай академияларын үөрэнэн бүтэрбитэ. 1998 сылтан 2008 сылга диэри Ньурба тыйаатырыгар режиссерунан үлэлээбитэ. 2008 сылтан Саха сиринээҕи Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар сүрүн режиссер.

Александр Титигиров – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр тыйаатыр режиссера. Кини айымньылара Саха сиригэр тыйаатыр ускуустубата сайдарыгар сүҥкэн оруоллаахтар. Кини бастакы туруоруулара эдэр режиссер чаҕылхай талаанын уонна өйө-санаата сиппитин-хоппутун көрдөрбүттэрэ. Олортон “Мистерия Буфф”, “Иччилээх иччитэх балаҕан”, “Волшебная кисточка”, “Волшебные ягодки”, “Араҥ уонна таптал”, “Тайахтаах таптал” уонна да атын испэктээкиллэри ааттыыбыт.

Онтон кэлэр сылларга Александр Титигировы дойдубут атын тыйаатыр маастардарын кытта биир кэккэҕэ таһаарбыт ураты, күүстээх испэктээкиллэр туруоруллубуттара. Кини үлэлэрэ көрөөччү биһирэбилин уонна тыйаатыр кириитиктэриттэн үрдүк хайҕабыллаах сыанабыллары ылбыттара. Ол курдук, кини “Таро — добрый странник”, “Камень счастья”,  “Это я – Эдит Пиаф!”, “Три ночи” уонна даҕаны атын испэктээкиллэрэ үрдүк ситиһиилэммиттэрэ.

Бу туруоруулар Арассыыйаҕа уонна тас дойдуларга аатырбыт бэстибээллэргэ уонна куонкурустарга хас да төгүллээх лауреаттарынан буолбуттара.

Александр Титиригиров чаҕылхай кыайыыларын учуоттаан, 2010 сыллаахха кининини «Арлекин» оҕо театральнай искусствотын  Арассыыйатааҕы бэстибээлин сабыллыытын церемониятыгар туруорааччы-режиссерунан анаммыта. Оттон 2011 сыллаахха бу бэстибээлгэ дьүүллүүр сүбэ чилиэнин быһыытынан ыҥырыллыбыта.

Талааннаах режиссер тыйаатырга сүрүн үлэтин таһынан улахан айымньылаах бырайыактарынан дьарыктанар. Кини «Сата» өрөспүүбүлүкэтээҕи тыйаатыр бэстибээлин, Ньурбаҕа буолбут Олоҥхо ыһыаҕын (2012 с.), «Сказки на земле олоҥхо» Бүтүн Арассыыйатааҕы  оҕо театральнай бэстибээлин (Дьокуускай, 2012 с.), «Солнечный круг» өрөспүүбүлүкэтээҕи тыйаатыр бэстибээлин (Дьокуускай, 2012 с.) уонна «Народные театры детям» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс көҕүлээччилэринэн уонна салайааччыларынан буолбута.

Үрдүк таһымнаах профессионализм, айылҕаттан чаҕылхай айдарыы, ураты уус-уран өй-санаа курдук хаачыстыбалардаах буолан, Александр Васильевич Титигировы аныгы кэм биир дьоһун, аатырбыт режиссерунан ааттыыбыт.

Наҕараадалара:

— «380 лет Якутия с Россией», «385 лет Якутия с Россией» үбүлүөйдээх бэлиэлэр;

— Кыһыл көмүс чаһылаах СӨ Бырабыыталыстыбатын Грамотата;

— Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын махтал суруга;

— Арассыыйа Федеральнай Мунньаҕын Федерациятын Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Матвиенко В.И. махтал суруга;

— «Арлекин» оҕо театральнай искусствотын Арассыыйатааҕы бэстибээлигэр «Волшебная ягодка» испэктээкилинэн Гран-при (2007 с.);

— «Арлекин» оҕо театральнай искусствотын Арассыыйатааҕы бэстибээлигэр «Камень счастья» испэктээкилинэн «Режиссер бастыҥ үлэтэ» анал аат (2010 с.);

— XV Норуоттар икки ардыларынааҕы «Золотой Витязь» тыйаатырдар бэстибээллэригэр Н. Гоголь «Вий» айымньытынан «Три ночи» испэктээкилинэн «Бронзовый витязь» анал бириис.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

8 часов ago