Александр Жирков алтай суруйааччытын эҕэрдэлээтэ

Share

Бу күннэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин вице-спикерэ Александр Жирков «Алтай хайысхатыгар Евразия сабыдыала» норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кытынна.

Ол бара сылдьан биллиилээх алтай суруйааччытын, тылбаасчытын, Алтай Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитин, Г.И. Чорос-Гуркин аатынан Алтай Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреатын Кулер Эзендикович Тепукову 70 сааһынан эҕэрдэлээтэ.


Оҕо суруйааччыта Кулер Тепуков 1990 сыллаахха «Солоны» диэн оҕо сурунаалын тэрийбитэ уонна күн бүгүнүгэр диэри сурунаал сүрүн эрэдээктэринэн үлэлиир. Ону таһынан кини алтай норуотун тылын, литературатын, үгэһин сырдатар «Азатпай» саайты төрүттээбитэ. К. Тепуков оҕолор сөбүлээн көрөр «Простоквашино», «Мама для мамонтенка», «Волк и теленок» уо.д.а. мультфильмнары алтайдыы саҥардыбыта. Суруйааччы алтай уонна нуучча тылынан оҕоҕо аналлаах элбэх кинигэлэрдээх. Кини айымньылара оскуола программатыгар уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах пособиеларга киирбиттэрэ, Россия, СНГ уонна тас дойдулар норуоттарын тылларыгар тылбаастаммыттара. Кулер Тепуков – оҕо аймах сөбүлүүр поэта, кини хоһоонноругар үгүс көлүөнэ үүнэн таҕыста.


Александр Жирков алтай суруйааччытыгар Саха сирин ааҕааччыларын, суруйааччыларын, чуолаан, М. Горькай аатынан литературнай институкка бииргэ үөрэммит, Саха сирин народнай суруйааччытын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин Иван Васильевич Мигалкин ааттарыттан истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ.
Александр Николаевич түүр тыллаах оҕо суруйааччыларын түмэн, араас омук уонна атын оҕолорго аналлаах айымньылар хардарыта тылбаастарын оҥорор туһунан санаатын эттэ. «Хардарыта тылбаас биһиги кэнчээри ыччаппыт иллээх-эйэлээх уонна доҕордуу буоларыгар төһүү буолуо этэ», – диэтэ парламентарий.
Биллэрин курдук, Александр Жирков иилиир-саҕалыыр «Аан дойду норуоттарын эпическэй айымньылара» серияҕа «Маадай Хара» алтай эпоһа сахалыы тылбаастанан тахсыбыта. Онуоха хардаран алтайдар «Ньургун Боотур» олоҥхону алтай тылынан бэчээттэппиттэрэ. Александр Жирков Кулер Тепуковка бу сериянан сахалыы тылбаастанан саҥа тахсыбыт «Кунан Хара» тыва эпоһын бэлэх уунна.
А.Н. Жирков эдэр ааҕааччыларга туһаайан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕолор төрөөбүт тылларынан кыра саастарыттан саҥаралларын, оҕо уһуйааныгар уонна оскуолаҕа үөрэтэллэрин уонна онон киэн тутталларын кэпсээтэ. Сахалыы уонна Хотугу норуоттар тылларынан элбэх оҕо кинигэтэ баарын бэлиэтээтэ. Кини алтай оҕолорун төрөөбүт тылларын таптыылларыгар уонна үөрэтэллэригэр баҕа санаатын эттэ.
С.Васильев

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

9 часов ago