Бу күннэргэ Ойуунускай аатынан Саха академическай театра Т. Семушкин суруйуутунан «Алитет хайаҕа күрүүр» уонна У. Шекспир «Илиир хоруол» диэн айымньыларын Москваҕа Аччыгый театрга туруорда.
Саха театрын гастролун түмүктүүр тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков кыттыыны ылла. Александр Николаевич испэктээкил кэнниттэн Саха сириттэн Москваҕа М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище (институт) 4 кууруһугар үөрэнэр студеннары кытта көрүстэ. Оҕолор эһиил үөрэхтэрин бүтэрэллэр, үгүстэр төрөөбүт Сахаларын сиригэр үлэлии кэлэр санаалаахтар.
М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище (институт) Арассыыйаҕа театр артыыстарын бэлэмниир биир кырдьаҕас уонна бөдөҥ үөрэх кыһата. Саха национальнай театра сайдыытыгар сүрүн өҥөлөөх Арассыыйа бастыҥ үөрэҕин тэрилтэтэ. 1950 сыллаахха ССРС народнай артыыската, уһулуччулаах театральнай педагог В.Н. Пашенная театр артыыһа буолуон баҕалаах саха ыччатын аан бастаан хомуйан, бу училищеҕа саха национальнай студиятын тэрийбитэ. Бастакы студияҕа саха театральнай искусствотын бүтүн Дойду үрдүнэн аатырдыбыт режиссер Федот Потапов, Саха театрын историятыгар номоххо киирбит чаҕылхай талааннаах артыыстар Анна Кузьмина, Михаил Гоголев, Лазарь Сергучев, Мария Канаева, Ксения Адамова, Татьяна Мыреева, Александра Иванова, онтон да атыттар үөрэммиттэрэ.
Билигин бу училищеҕа Саха сириттэн хайы-үйэ 6-с театральнай студия оҕолоро үөрэнэн бүтэрэллэрэ чугаһаата.
6-с студияҕа Дьокуускай, Нерюнгри куораттартан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Өлөөн, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан улуустарыттан барыта 20 оҕо кэлэн үөрэнэ сылдьар. Александр Николаевич бу труппа тэриллиэҕиттэн ыла кинилэри хараҕын далыттан таһаарбат, көмөлөһөр, оҕолору кытта түгэн буллар эрэ көрсүһэр, үөрэхтэрин кэтээн көрөр.
Көрсүһүүгэ Саха театрын уус-уран салайааччыта, СӨ государственнай сүбэһитэ Андрей Борисов, Саха театрын дириэктэрэ Петр Макаров, театр сүрүн режиссера Руслан Тараховскай, Саха народнай артыыһа Ефим Степанов, СӨ үтүөлээх артыыһа Наталья Степанова, “Саха театрын антологиятын” ааптардарыттан биирдэстэрэ Изольда Бубякина уонна М.С. Щепкин аатынан училищеҕа национальнай студия педагога Лена Тимофеева кытыннылар. Андрей Борисов, Ефим Степанов, Петр Макаров, Наталья Степанова бары урукку өттүгэр Щепкин студиятыгар үөрэммиттэрэ.
Александр Жирков студеннарга Саха театра төрүттэниитигэр уонна саха театральнай искусствота сайдыытыгар бастакы көлүөнэ национальнай интеллигенция бэрэстэбиитэллэрин өҥөлөрүн туһунан сиһилии кэпсээтэ, национальнай театр суолтатын уонна аналын туһунан санаатын эттэ, оҕолорго Саха театрын үтүө үгэстэрин бүөбэйдээн илдьэ сылдьалларыгар, харыстыылларыгар баҕатын тириэртэ.
Студеннартан группа старостата Ньургун Никитин, Иван Кузьмин, Уйгу Семенов, Александра Михайлова, Сардаана Федотова, Петр Домотов, Мичил Хомподоев уонна да атыттар бэйэлэрин үөрэхтэрин, инники былааннарын туһунан кэпсээтилэр. Көрсүһүү кэмигэр оҕолор Александр Николаевичка болҕомтотун, көмөтүн, үтүө сыһыанын, умнуллубат көрсүһүүлэр иһин махталларын эттилэр.
– Бүгүҥҥү көрсүһүү, мин санаабар, дириҥ суолталаах, – диэтэ көрсүһүү кыттыылааҕа Андрей Борисов, – Өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн театр искусствотыгар интэриэс өссө 50-с сылларга үөскээбитэ. Оччолорго партия обкомун сэкирэтээрэ Илья Егорович Винокуров бастакы көлүөнэ щепкинецтэри кытта көрсөн, маннык үгэһи олохтообута. Бүгүн ол үтүө үгэспит салҕанар. Манна бүгүн Саха театрын кэскилэ, Саха сирин театральнай искусствотын инникитэ кэлэн олорор. Маннык көрсүһүүлэр, сүбэлэр саҥа көлүөнэ эдэр артыыстар уһуйуллан, ситэн-хотон тахсалларыгар олус улахан суолталаахтар.
Бэйэлэрин алгыстарын, баҕа санааларын щепкинецтэргэ Саха театрын биллиилээх артыыһа Ефим Степанов, дириэктэр Петр Макаров, сүрүн режиссер Руслан Тараховскай уонна да атын бу көрсүһүү кыттыылаахтара анаатылар.
С. Васильев. Ил Түмэн
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…
Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…
Өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 сылга уопсайа 193,76 МВт кыамталаах 14 хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр диэн ОДьХК уонна энергетика…
Төһө да Саҥа дьылы (сылы) көрсүү үгэһэ сахаларга хойут киирбитин биллэрбит, өйдөөтөрбүт, син биир норуот…