Александр Жирков: «Оҕо төрөөбүт тылынан иитиллэр, үөрэнэр эйгэтэ тэриллиэхтээх»

Александр Жирков: «Оҕо төрөөбүт тылынан иитиллэр, үөрэнэр эйгэтэ тэриллиэхтээх»

Ааптар:
20.01.2023, 10:00
Бөлөххө киир:

Мунньахха Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева, СӨ наукатын уонна үөрэҕин миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова, СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев, СӨ ыччатын уонна социальнай коммуникациятын миниистирэ Петр Шамаев, СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды, СӨ инновацияҕа, сыыппаранан сайдыыга, информационнай технологияларга миниистирин солбуйааччы Георгий Андреев, ону таһынан, “Айар” кинигэ кыһатын, “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа, Дьокуускай куорат уһуйааннарын, үөрэҕин тэрилтэлэрин салайааччылара уонна үлэһиттэрэ, Саха сиригэр оҕолорго аналлаах киинэ, сахалыы куукула оҥоруутунан дьарыктанар айар бөлөхтөр, биирдиилээн айар үлэһиттэр, суруналыыстар, ону таһынан улуустартан бэрэстэбиитэллэр, барыта 60-ча киһи кытынна.

Александр Жирков киирии тылыгар эппитин курдук, мунньах саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II си­­йиэһигэр турбут этиилэри салгыы  дьүүллэһии чэрчитинэн ыытылынна. Дьүүллэһии саҕаланыытыгар министиэристибэлэр сала­йааччылара бу хайысхаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ туох үлэ барарын туһунан сиһилии кэпсээтилэр, ыйытыыларга хоруйдастылар. Мунньах кыттыылаахтара ордук чуо­лаан “Саха” НКИХ хас даҕаны анимационнай киинэни (ойуулуктары) сахалыы тылбаастаан тарҕатыытын уонна сахалыы тылынан итинник киинэлэри көрдөрүүгэ ылсан эрэрин ситиһии быһыытынан бэлиэтээтилэр. Маны сэргэ хас да айар бөлөх бэрэстэбиитэл­лэрэ эмиэ бу хайысхаҕа үлэлэһэ сылдьалларын туһунан кэпсээтилэр. Сүрүн кыһалҕа – киинэлэри оҥорорго аналлаах была­һаакка суоҕа, анал исписэлиистэр уонна үп-харчы тиийбэттэрэ ааттанна.

Сүбэлэһиигэ бэйэлэрин санаа­ларын киинэ режиссера Алексей Романов, “Саха” НКИХ толоруулаах продюсера Дария Ермолаева, “Саха” НКИХ анимационнай киинэлэр тылбаастарын эрэдээктэрэ Мария Менкярова, “Харысхал” аһымал пуондатын иһинэн “Чудеса кино” инклюзивнай медиа-анимационнай устуудьуйа салайааччыта Петр Николаев, “Академия будущего” дириэктэрэ Вячеслав Егоров, “КиберСаха” уопсастыбаннай хамсааһын сүрүннээччитэ, СӨ Ил Дарханын иһинэн Тыл сүбэтин бастайааннай кэмитиэтин салайааччыта Николай Павлов-Халан, уо.д.а. эттилэр.

Сүбэлэһии түмүгүнэн Александр Жирков саха тылын учууталларын II сийиэһин кыттыылаахтарын этиитигэр олоҕуран сахалыы анимационнай киинэлэри (ойуулуктары) оҥорууну судаарыстыбаннай таһымҥа таһааран былааннаах үлэни саҕалыырга эттэ.

“Оҕо тылланарыттан саҕа­лаан салгыы сайдыытыгар олоччу тастан киирэр дьайыы, ол иһигэр куйаар ситимин сабыдыала күүһүрэн иһэр, – диэтэ Александр Жирков. – Онон, ку­­йаар эйгэтин баһылыырга дьулуһуу – биһиги оҕолорбут инникитин туһугар туруулаһыы. Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев бэйэтин туһаайыытыгар эппит соругун толорорго биирдиилээн төрөппүттэртэн саҕалаан үөрэх тэрил­тэлэрэ, уопсастыба, былаас түмсэн үлэлиэхтээхпит”.

Мунньахха бастакы боппу­руоска маннык быһаарыы ылылынна:

  1. Оҕо төрөөбүт тылынан анимационнай киинэлэри (ойуулуктары) таһаарыыны кэҥэтэргэ;
  2. Оҕону төрөөбүт тылынан иитиигэ-үөрэ­тиигэ аналлаах атын даҕаны бородууксуйаны куйаар ситиминэн киэҥник тарҕатар суол­лары булунарыгар СӨ Наукатын уонна үөрэҕин министиэ­ристибэтигэр уонна атын туһааннаах министиэристи­бэлэргэ, тэрилтэлэргэ этэргэ;
  3. Атын омук тылларынан ойуулуктары тылбаас­тааһын суолтатын ыйан туран, оҕо төрөөбүт төрүт тылынан айымньыларга ордук улахан болҕомтону уонна өйөбүлү оҥорорго. Саха, хотугу норуоттар остуоруйаларыгар, олоҥхоҕо, фольклорга, олох­тоох суруйааччылар айымньыларыгар олоҕурбут анимацион­най үлэлэргэ анаан туспа өйөбүлү тэрийэргэ;
  4. Төрөөбүт тылынан анимационнай киинэлэри (ойуулуктары) оҥорор айар бөлөхтөр түмсүүлэрин тэрийэргэ этии киллэрэргэ.
  5. Оҕо төрөөбүт тылынан иитиллэр, үөрэнэр эйгэтин тэрийии туһунан кэпсэтиигэ иккис боппуруоһунан уһу­йааннарга уонна кыра саастаах оҕолорго анаан сахалыы, хотулуу ис хоһоонноох куукулалары, оҥоһуктары тарҕатыы туһунан буолла.

Санатан эттэххэ, олоҥхо персонажтарынан айыллыбыт сахалыы куукулалар кэмпилиэктэрэ аан бас­таан 2011 с.  Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо тэрийэр кэмитиэтин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков көҕүлээһининэн оҥоһуллубуттара. Анал куонкурус тэриллэн, олоҥхо хас биирдии персонаһыгар таҥаһа-саба бигэргэтиллэн, анал үп-харчы көрүллэн, оччолорго 1600 кэмпилиэк сахалыы куукула Кытайга оҥоһуллан кэлэн өрөспүүбүлүкэ уһуйааннарыгар тарҕаммыта. Сахалыы куукулалары оҥоруунан күүскэ дьарыктаныы ити тэрээһиннэр далааһыннарыттан саҕаламмыта.

Билигин Александр Жирков ити хамсааһыны сөргүтэргэ судаарыстыба өттүттэн өйөбүлү тэрийэргэ, олоҥхо персонажтарын сэргэ саха остуоруйаларыгар, үһүйээннэригэр, төрүт култууратыгар олоҕурбут куукула оҥоһуктары уһуйааннарга киэҥник тарҕатарга эттэ. Ити туһунан са­­нааларын Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн коллеһын дириэктэрэ Елена Яковлева,
С.А. Нов­городов аатынан “Айар” кинигэ кыһатын методист-эрэдээктэрэ Саргылаана Кон­стантинова, “Цветик-семи­ц­ветик” Дьокуускай куорат
23 №-дээх оҕо саадын ыстаарсай иитээччитэ Лена Троева, “Симэх” Национальнай киин дириэктэрэ, СӨ куукуланан дьарыктанааччылар Сойуустарын салайааччыта Яна Игнатьева, о.д.а. эттилэр.

Түмүккэ мунньах кыттыы­лаахтара өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох уус-уран айымньы, фольклор, олоҥхо сюжеттарынан айыллыбыт куукулалар хас да кэмпи­лиэктэрин эскизтэрин (анал куонкурус түмүгүнэн) бэлэмнииргэ уонна үүммүт 2023-24 үөрэх сылын аһарбакка, өрөспүүбүлүкэ уһуйааннарыганр тарҕатар гына тэринэргэ диэн сүбэлэһэн тарҕас­тылар.

Мунньахха этиллибитин курдук, саха тылын учууталларын II сийиэһигэр туруоруллубут этии­лэри тус хайысхаларынан түмэн дьүүллэһии салҕана туруоҕа, анал дьаһаллар ылыллыахтара.

Ил Түмэн пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: