Салгыы
Александр Жирков: Олохтоох аһы-үөлү, малы-салы оҥорууну үксэтии биһиги норуоппутугар тыын суолталаах

Александр Жирков: Олохтоох аһы-үөлү, малы-салы оҥорууну үксэтии биһиги норуоппутугар тыын суолталаах

Ааптар:
03.01.2025, 10:15
Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Ил Тумэҥҥэ ыытыллыбыт парламент истиилэригэр бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтии кыһалҕаларын уонна кэскилин дьүүллэстилэр. Мунньаҕы Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков салайан ыытта.

Тэрээһиҥҥэ парламент дьокутааттара, бырабыыталыстыба, министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр эппиэттээх үлэһиттэрэ, улуустар муниципальнай тэриллиилэрин баһылыктара, улуус мунньаҕын дьокутааттара, тыа хаһаайыстыбатын салаатын, бааһынай, тэриллиилээх  хаһаайыстыбалар  салайааччылара кыттыыны ыллылар.

Александр Жирков мунньах кыттыылаахтарыгар Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев бу дьыл кулун тутар 28 к. таһаарбыт анал Уурааҕар уонна ахсынньы
19 к.  Ил Түмэҥҥэ Туһаайыы этиитигэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыны уонна бэйэ оҥорон таһаарар бородууксу­йатын элбэтиини  сүрүн суол­талаах  сорук быһыытынан туруорбутун эттэ:

«Бэйэ аһынан-үөлүнэн хааччыллыы, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн турбут сорук эбит буоллаҕына, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр суолтата оннооҕор үрдүк. Арассыыйа сүрүн суол­ларыттан ойдом, киэҥник тайаан сытар сирдээх-уоттаах өрөспүүбүлүкэ аһынан-таҥаһынан, таһаҕаһынан хааччыллыыта оччоттон-баччаҕа дылы тыын суолта­лаах. Үгэс буолбут сүрүн салаалары – сүөһүнү, сылгыны, табаны иитии, элбэтии өрөспүүбүлүкэ сайдыытын сүрүн кэрэһитэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр урукку өттүгэр ынах сүөһү ахсаана муҥутаан 555 тыһ. төбөҕө, сылгы ахсаана 625 тыһ. төбөҕө тиийэ элбии сылдьыбыта. Билиҥҥи кэмҥэ ити таһымтан лаппа ыраах иһэбит. Бэйэ оҥорор аһын-үөлүн үксэтии сүрүн сүөһүбүт-сылгыбыт ахсаана аҕыйыы турар буоллаҕына кыаллыа суоҕа», – диэн Александр Николаевич бэлиэ­тээтэ. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох бородууксуйаны элбэтиигэ ылыллар саҥа дьаһаллар тустарынан, тыа хаһаайыс­тыбатын улуустара бүддьүөт үбүн тыырыыга уонна субсидия кээмэйин олохтооһуҥҥа боломуочуйалара кэҥээбитин, 2025 сылтан аһы-үөлү оҥоруу ханнык сүрүн хайысхатын тутуһары улуустар бэйэлэрэ быһаарсар буолалларын туһунан мустубут дьоҥҥо сиһилии кэпсээтэ.

Артем Александров иһитиннэрбитинэн, Ил Дархан олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы туһунан стратегическай Ыйааҕын олоххо киллэрии сүнньүнэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иннигэр 6 стратегическай сорук турбут.

Иккис сытыытык турар боппуруоһунан Александр Жирков бэйэ бородууксуйатын батарыы кыһалҕатын ааттаата. Бу ха­­йысханан үлэ син барар гынан баран, оҥорон таһаарааччыларга өйөбүл ситэ тиэрдиллибэтин, олохтоох дьон бэйэлэрин бородууксуйаларын үксүгэр бэл бааһынай ырыынагар кыайан атыылыыр кыахтара суоҕун бэлиэтээтэ.

СӨ экэниэмикэҕэ миниис­тирэ Петр Попов бэйэтин этиниитигэр Ил Дархан Айсен Николаев «Саха  Өрөспүү­бүлүкэтигэр туризмы уонна  олохтоох оҥорон таһаа­рыыны сайыннарыы» диэн стратегическай Ыйаахха кулун турар ыйга илии баттаабытын санатта. Ыйаахха сурулларынан 2030 сылга диэри олохтоох оҥорон таһаарыыны 1,5 төгүл, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын бүттүүн   кээмэйигэр тэриллии­лээх хаһаайыстыбалар оҥорон таһаарар өлүүлэрэ 70 быр. диэри улаатыннарыы соруга туруоруллубутун санатта. СӨ Бырабыыталыстыбатыгар ис ырыынагы олохтоох табаарынан уонна өҥөнөн толорууга олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы 15 территориятын тэрийии сорудахтаммыт. Маны таһынан, эт-үүт бородууксуйатын улаатыннарыы соруга күүскэ туруоруллубутун аҕынна.

СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна аһын-үөлүн бэлии­тикэтин  миниистирэ Артем Александров иһитиннэрбитинэн, Ил Дархан олох­тоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы туһунан стратегичес­кай Ыйааҕын олоххо киллэрии сүнньүнэн Тыа хаһаайыс­тыбатын министиэристибэтин иннигэр  6 стратегическай сорук турда диэн эттэ. Ити иһигэр бааһына иэнэ 70 тыһ. гектарга диэри кэҥэтиллиэхтээҕэ, тэриллиилээх хаһаайыстыбалар бүттүүн оҥоһуллар бородууксуйаҕа ылар өлүүлэрэ 70 бырыһыаҥҥа тиэрдиллиэхтээҕэ, эт бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны 8 тыһ. туоннанан, үүт бородууксуйаны 15 тыһ. туоннанан элбэтиллиэхтээҕэ чопчу ыйыллыбыттарын санатта. Ону тэҥэ 10-тан итэҕэһэ суох ас көрүҥэ таска таһаарыллыахтаах. Аграрнай үөрэҕи бүтэрээччилэртэн аҥаар­дарыттан итэҕэһэ суох ахсаан­наахтара ылбыт идэлэринэн үлэҕэ киирэллэрэ ситиһиллиэхтээх. Үөһэ ыйыллыбыты барытын олоххо киллэрэргэ кэлэр 6 сылга 47 млрд курдук, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 39 млрд солкуо­бай көрүллүбүтүн аҕынна. Бу улахан соругу толорор сыалтан тэрээһиннээх хаһаайыстыбалары элбэтии уонна материальнай-техническэй хааччыллыыларын бөҕөргөтүү соруга турар диэн кини эттэ.

СЫЫППАРАЛАР

Тыа хаһаайыстыбатын
уонна ас-үөл бэлиитикэтин
министиэристибэтэ
2030 сылга диэри
120-лии төбө сүөһү турар
50-тан тахса комплексын,
1000-лыы сүөһү турар
5 роботизированнай
комплексы,
500-түү туонна
хортуоппуйу (оҕуруот аһын)
уурар-харайар
22 эбийиэги тутары
былаанныыр

«Тэриллиилээх хаһаайыс­тыбалары, бааһынай хаһаайыс­тыбаларын, тыа хаһаайыстыбатын урбаанньыттарын ахсааннарын элбэтэн үүт соҕотуопкатыгар барыахпытын сөп. Билиҥҥи кэмҥэ тэриллии­лээх хаһааайыстыбалар оҥорон таһаарар бородууксуйаларын өлүүлэрэ 54 бырыьыаны ылар, сүөһүтүн төбөтүн ахсаанынан 58 бырыһыанын ылар. Салаа бигэтийэрин уонна туруктаахтык сайдарын, стратегическай Ыйаах тус сыаллаах көрдөрүүлэрин ситиһэр туһугар тэриллиилээх хаһаайыстыбалары, тыа хаһаа­йыстыбатын производственнай эбийиэктэрин, ол иһигэр дьоҕус кыамталаах эбийиэктэри модернизациялааһыҥҥа киэҥ хабааннаахтык кыттаннар, инники күөҥҥэ тахсыах тустаахтар.

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ 2030 сылга диэри 120-лии төбө сүөһү турар 50-тан тахса комплексын, 1000-лыы сүөһү турар 5 роботизированнай комплексы, 500-түү туонна хортуоппуйу (оҕуруот аһын) уурар-харайар  22 эби­йиэги тутары былаанныыр», – диэн кэпсээтэ.

Түмүккэ Александр Жирков үс суолу чопчулаан бэлиэтээтэ:

Бастакытынан, Ил Дархан дьаһалыгар туруоруллубут, 2030 сылга диэри олохтоох аһы-үөлү, малы-салы оҥоруу сүрүн кээмэйин 1,5 бүк үксэтэр туһугар, онуоха ананан көрүллэр үп-харчы толору көрүллэн, сөпкө туһанылларын туһугар Ил Түмэн анаан ылсыһан үлэлэһиэх тустаах.

Иккиһинэн, 2025 сылтан саҕалаан сүөһүттэн-сылгыттан ылыллар бородууксуйа ханнык көрүҥүн хото сайыннарыан сөптөөҕүн улуус бэйэтэ быһаарсар буолбутунан, бу үлэҕэ Ил Түмэн бары өттүнэн көмөлөһөргө, кыһалҕа баар буоллаҕына эбии сокуоннары, дьаһаллары уталыппакка ылынан Ил Дархан дьаһаллара туолууларыгар бэйэтин өттүттэн тирэх, көмө буолуохтаах.

Үсүһүнэн – оҥоһуллубут бородууксуйаны батарыы. Бу хайысханы Александр Николаевич анаан-минээн чорботон туруорда. Олохтоох аһы-үөлү кэмигэр сатаан батарыыга ордук тыа сирин дьонугар, улуустарга улахан көмө, болҕомто баар буолуохтаах. Александр Жирков этиитинэн бу хайысхаҕа анал этиилэри бэлэмнииргэ дьокутааттартан, министиэристибэлэртэн уонна оҥорон таһаарааччылартан киллэрэн туран оробуочай бөлөх тэрийэргэ уонна кинилэр этиилэрин анаан мустан дьүүллэһэргэ, чопчу быһаарыылары ылынарга диэн буолла.

«Ити үлэ түмүгүн аны иккис көрсүһүүбүтүгэр анаан көрүөхпүт», – диэн Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ бу улахан мунньаҕы түмүктээтэ.

Н.Р.Попова

Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриитэ

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
5 января
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: