Александр Жирков: «Саха литературатын үтүө аатын турууласпыта»

Share

Бу дьыл от ыйын 1 күнүгэр биллиилээх литературовед, өр сылларга Саха Судаарыстыбаннай университетыгар саха литературатын историятын үөрэппит, поэт, драматург, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Василий Никитич Протодьяконов төрөөбүтэ 90 сыла бэлиэтэннэ.

Василий Протодьяконов төрөөбүт түөлбэтигэр, Таатта Чөркөөҕөр, ити күн киниэхэ анаммыт мэҥэ өйдөбүнньүк туруорулунна. Бу бэлиэ күҥҥэ кыттыыны М.К. Аммосов Хотугулуу-Илиҥҥи Судаарыстыбаннай университет преподавателлэрэ, Василий Никитич үгүс сылларга үөрэппит-уһуйбут үөрэнээччилэрэ, учуонайдар, оҕолоро, сиэннэрэ, Таатта, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо муһуннулар. Норуот бүттүүнүн ытыктабылын ылбыт учууталларын, аҕа доҕордорун, биир дойдулаахтарын кэриэстии ыраахтан-чугастан мустубут үгүс дьон Василий Никитич доҕоро, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бастакы вице-спикерэ Александр Жирков этиитин улаханнык болҕойон иһиттэ, ылынна.

Хаартыскаҕа С.Софронов түһэриитэ

Александр Николаевич бэйэтин этиитигэр Василий Никитич аатын үйэтитиигэ үлэлэһэр бары дьоҥҥо махталын тириэртэ. Мантан аллараа Чөркөөххө В.Н. Протодьяконов мэҥэ өйдөбүнньүгүн аһыы сиэригэр-туомугар А.Н. Жирков этиитин толору биэрэбит.

-Василий Никитич Протодьяконов билиҥҥи кээмэйинэн кэмнэммэт, кини урукку, ааспыт XX-с үйэ саҥатынааҕы саха интеллигенциятын, саха норуотун чаҕылхай, бастыҥ дьонун, саха судаарыстыбаннаһын, саха литературатын төрүттэспит, олохсуппут уонна сайыннарбыт, сахалыы тыл харыстабылын туһугар турууласпыт, саха омук бүттүүн ытыктаан, киэн туттан ааттыыр, тарбахха баттанар аҕыйах ахсааннаах дьон кээмэйдэринэн кэмнэнэр киһи. Аныгы, бу билиҥҥи кээмэйгэ кыайтарбат, туспа, дириҥ кээмэйгэ сөп түбэһэр.

Василий Никитич олоҕун тухары Саха университетыгар үлэлээбитэ. Бу үлэлээбит сылларыгар университекка, үөрэппит оҕолоругар, дьонугар-сэргэтигэр, сахатын норуотугар кини үөрэтээччи, чинчийээччи, учуонай быһыытынан умнуллубат, сүрүн суолтата туохханый?

Бу сиргэ үгүс киһи кэлэн барар. Киһи-аймах сүрдээх талымас өйдөөх-санаалаах. Кэм-кэрдии тургутуутун ылбычча киһи кыайан туораабат, уҥуордаабат.

Хаартыскаларга С.Софронов түһэриитэ

Эһиги үгүстэр өйдүүгүт уонна билэҕит, саха литературатын хара маҥнай үөскүөҕүттэн кэриэтэ, кылаас утарсыыта диэн икки аҥыы хайытан, утарыта турсар, бэйэ-бэйэлэрин кытта эйэлэспэт икки бөлөххө, лааҕырга араартаан, оннук сыһыаннаһыы уонна дьону-сэргэни оннук сыһыаҥҥа үөрэтии олохсуйбута. Суруйааччыларга, литература үлэһиттэригэр, учуонайдарга, ити икки хайысхаҕа сыһыара көрөн, тус-туспа сыһыан олохтоммута. Эбэтэр баайдыы, тойоннуу, омугумсуйуулаах, ол аата өстөөхтүү, эбэтэр итинник дьиэгэ, итэҕэһэ суох диэн. Дьиэктээх өттө литератураттан, норуоттан тэйитиллиэхтээх, умнуллуохтаах, сотуллуохтаах, дьиэгэ суох өттө ааҕыллыахтаах, үөрэтиллиэхтээх, өрө тутуллуохтаах. Ити кээмэйинэн көрөн саха литературатын эйгэтин ХХ-с үйэ устатыгар 3 төгүл улахан араартааһын, сойуолаһыы буолбута: 20-с, 30-с уонна 50-с сыллардаахха.

Василий Никитич учуонай, чинчийээччи, киһи быһыытынан, учуутал быһыытынан кылаан суолтата – кини ити дьалхааҥҥа умньамматаҕа, охтубатаҕа уонна саха литературатын итинник дьалхаантан быыһыыр туһугар турууласпыта. Үлэлиирин тухары саха литературатын ханнык даҕаны идеология сүпсүгэр бэриннэрбэккэ, уус-уран таһымы, айар дьоҕуру, айар кыаҕы бастата, урутата сатаабыта, ити туруулаһыытын дьоҥҥо-сэргэҕэ, үөрэтэр устудьуоннарыгар тириэрдэргэ дьулуспута. Ол умнууга, дьон өйүттэн-санаатыттан сотулларга дьылҕаламмыт хаарыан дьон ааттарын көмүскэһэр, тилиннэрэр туһугар тохтообокко, бэриммэккэ туруулаһааччы Василий Никитич Протодьяконов үгүс сылларга соҕотох буолар этэ.

Уонунан сыллар усталарыгар ааттара бобуллубут, кинилэр айымньыларын үөрэтэрдээҕэр буолуох, ааҕар даҕаны көҥүллэммэт кэмигэр В.Н. Протодьяконов үөрэтэр устудьуоннарыгар, дьоҥҥо-сэргэҕэ тыла, кыаҕа тиийэринэн маннык дьон бааллар,  ааттара-суоллара умнуллуо суохтаах, кинилэрэ суох саха культурата, литературата ситэтэ суох, итэҕэс буолуоҕа, кинилэр айымньылара атын саха суруйааччыларын айымньыларын кытта тэҥҥэ тутуллуохтаах диэн аһаҕастык мөккүспүтэ, турууласпыта. Василий Никитич ол санаатын сүүһүнэн, тыһыынчанан үөрэппит оҕолоругар, көрсүбүт дьонугар, утарылаһааччыларыгар кытта сатаан тириэрдибит буолан, киниттэн истибиттэр, кини тылын ылыммыттар Саха сирин бары муннуктарыгар В.Н. Протодьяконов тылын тарҕаппыттара, иһитиннэрбиттэрэ. Оннук дьулуһуу, туруорсуу баар буолан 90-с сылларга Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр, Василий Никанорович Леонтьев, Гаврил Васильевич Баишев – Алтан Сарын курдук, бу Таатта Оросиннарын курдук, онтон да атын саха уһулуччунаах дьонун ааттара тиллэр, ырааһырар кыахтаммыта. Уонна ити хаарыан дьон аата тиллиитин саха дьоно бүттүүн кэриэтэ бэлэмнээх көрсүбүтэ, ылыммыта, атыҥыраабатаҕа. Саха норуотун итинник ыллыктаах өйгө-санааҕа Василий Никитич Протодьяконов бэлэмнээбитэ.

Саха литературатын историятын бытарыттарбатах, итэппэтэх, уонунан сылларга умнууга анаммыттар ааттарын дьоҥҥо-сэргэҕэ чугас илдьэ сылдьыбыт өҥөлөөх киһинэн саха литературатын историятыгар Василий Никитич Протодьяконов буолар. Василий Никитич мөккүөннээх, өр сыллаах үлэтинэн саха литературатын, саха литературнай критикатын, саха интеллигенциятын аатын, чиэһин көмүскээбитэ, саха норуота ааспытын-олорбутун умнубат, сатаан өйдүүр, ытыктыыр, кыһылга-үрүҥҥэ, уларыйа турар идеология охсууларыгар бэриммэт дириҥ норуот диэн көрдөрбүтэ. Василий Никитич олоҕор оҥорбут хорсун быһыыта, биһиги литературабыт, култуурабыт иннигэр тулхадыйбат өҥөтө, суолтата итиннэ буолар.

Василий Никитич үйэ аҥаара Саха университетыгар үлэлээбитэ, саха университетын интеллектуальнай таһымын үрдүккэ көтөхсүбүтэ. Ханнык баҕарар үөрэх тэрилтэтэ бэйэтэ киэн туттар, киэн туттар эрэ буолбатах, күөн туттар дьонноох. Саха университета сүүрбэттэн тахса тыһыынча устудьуоннаах, биэс тыһыынчаттан тахса үлэһиттээх, Россия үрдүнэн тарбахха баттанар федеральнай таһымнаах үөрэх кыһата, биһиги норуоппут киэн туттуута уонна эрэлэ. Манна Россия Федерациятын, аан дойду таһымыгар ааттара ааттанар дьон үлэлииллэр, кинилэр бэйэлэрин үлэлэринэн биһиги университеппытын киэргэтэллэр, өрө көтөҕөллөр, аатын ааттаталлар. Саха университета маннык үлэһиттэринэн, маннык дьоннооҕунан киэн туттар аналлаах. Ол дьон ортотугар Василий Никитич Протодьяконов аата биир ордук дьоһуннаах, ордук кэрэхсэбиллээх аат буолан саха университета, саха литературата, саха норуота баарын тухары ааттана турар аналлаах.

Оттон төрөөбүт дойдутун, Таатта улууһун, Чөркөөх олохтоохторо, эһиги Василий Никитич аатын-суолун төһө кыалларынан өр кэмҥэ өйдүү-саныы сылдьыҥ, бэйэҕит ыччаккытыгар, кэнчээригитигэр Василий Никитич Протодьяконовы инньэ Кулаковскай, Ойуунускай, Софронов курдук биһиги сирбититтэн үөскээн тахсыбыт, чаҕылхай олоҕу олорбут киһилээхпит диэн кэпсээн оҥостуҥ. Ол эһиги ыччаттаргытыгар, саха ыччатыгар бүттүүнүгэр күүс, тирэх буолуоҕа, олохторугар көмөлөөх буолуоҕа.

Оннук киһи этэ кини – Саха £рөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ, Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, төрөөбүт Тааттатын улууһун ытык олохтооҕо, биһиги аҕа табаарыспыт, доҕорбут, хорсун, тулуурдаах уонна дьулуурдаах, кырдьыксыт, саха литературатын, култууратын үрдүк аатын туһугар үйэтин тухары турууласпыт, саха уһулуччулаах национальнай деятелэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ аламаҕай, үтүө майгылаах, тыһыынчанан үөрэппит устудьуоннарын, кинини билэр дьон-сэргэ тапталыгар, ытыктабылыгар бигэнэн олоҕун тиһэх күннэригэр диэри олорбут – Василий Никитич Протодьяконов.

А.Н. Жирков

Саха Өрөспүүбүлүкэтин

V-с ыҥырыылаах Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

4 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

5 часов ago