Бүгүн Саха сирин Парламенын вице-спикерэ, СӨ Ил Дарханыгар Олоҥхо национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Тыва Өрөспүүбүлүкэтин Кызыл куоратын култууратын киинигэр Арассыыйа норуоттарын култууратын нэһилиэстибэтин сылын иитинэн, ЮНЕСКО көмүскэлинэн олоххо киирэр “Аан дойду норуоттарын эпоһа” норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак “Хунан-Кара” тувиннар эпостарын сахалыы тылбааһын сүрэхтэниитигэр кытынна.
Үйэлэр тухары эпос норуот олоҕу көрүүтүн сүрүн духуобунай көрүҥүнэн буолар. “Хунан-Кара” тувин норуотун тылынан эпическай айымньытын биир бастыҥ холобурунан ааттанар. Эҕэрдэ тылы Тыва Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Владислав Ховалыг эттэ. Кини бу сүүнэ бырайыагы көҕүлээбит уонна олоххо киллэрбит Александр Жирковка махталын биллэрдэ.
“Тувиннар биир бастыҥ “Хунан Кара” эпостарын бырааттыы норуоппут төрөөбүт тылынан ааҕар кыахтаммытын үрдүктүк сыаналыыбыт. Норуоттар көрүүлэрин, кинилэр майгыларын уонна үгэстэрин ойуулаан көрдөрөр култуура холбоһуктаах өйдөбүлэ бу курдук олохсуйар”, — диэн эттэ. Тыва Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга, сахалар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхолорун тувинныы тылбаастыыр ирдэнэрин иһитиннэрдэ, итиэннэ эпостары хардарыта тылбаастааһын саҥа, баҕар, билим кыттыгас чинчийиилэрин түргэтэтэр, саҥа толкуйдары уонна түмүктэри оҥорор кыаҕынан буоларыгар эрэнэрин биллэрдэ.
Тыва Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын Ыйааҕынан СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Николаевич Жирковка Тыва уонна Саха Өрөспүүбүлүкэлэрэ бииргэ үлэлэһиилэригэр ураты үтүөлэрин иһин “Тыва Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ” бочуоттаах ааты иҥэрдилэр. Норуоттар икки ардыларыгар этнокултуурунай сибээс баара мөккүһүллүбэт. Үйэлэр тухары эпос норуот олоҕу көрүүтүн сүрүн духуобунай көрүҥүнэн буолар.
Ил Түмэн пресс-сулууспата.
Уһук Хоту уонна онно тэҥнээх сирдэрин олохтоохторо биэнсийэҕэ сааһынан биэс сыл иннинэ тахсыахтарын сөп. Ол…
Тохсунньу 4 күнүгэр «Саха» НКИХ саха алыптаах ырыатын «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэтэ 2024 сыл бастыҥ ырыаларын…
Нумеролог Мариана Тимофеева 2025 сылы билгэлээтэ. Үүммүт сыл, сыыппара хараҕынан көрдөххө, тугу тосхойоруй? Үүммүт Иэйиэхсит…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…
Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…
Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…