Александр Жирков:”Сүктэриллибит ытык иэспит”

Share

Сэтинньи 1 күнүгэр СӨ Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков Уус Алдан улууһугар үлэлээтэ.

Бу  сырыыга Александр Николаевич үлэтин сүрүн ис хоһооно билигин  дойду үрдүнэн үөскээбит быһыыга-майгыга олохтоох дьон хайдах дьаһаныахтаахпыт туһунан буолла. Александр Николаевиһы кытта СӨ Уопсастыбаннай палататын бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаев, Ил Түмэн дьокутаата, “Модун” успуорт киинин дириэктэрэ Геннадий Васильев, Ил Түмэн государственнай-правовой управлениетын юристара Николай Неустроев уонна Юрий Пономарев сырыттылар. Мунньахха нэһилиэктэр баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара, улуус общественноһын актыыба кыттыыны ыллылар.

Мунньаҕы Александр Жирков иилээн-саҕалаан ыытта. Дойдуга буолбут быһыыны-майгыны кылгастык билиһиннэрэн баран, Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ быстах хомуурга хабыллан уонна көҥүл өттүлэринэн барбыт биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр күүс-көмө, өйөбүл буолар дьаһалларга сүрүн болҕомтону уурарга эттэ.

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Петр Сивцев миэстэтигэр быстах хомуур хаамыытын, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара — байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэннэригэр араас өрүттээх көмөнү оҥорууга хайдах хабааннаах үлэ бара турарын туһунан билиһиннэрдэ. Кини улуустааҕы штаб үлэтин туһунан сырдатта, анал фондаттан көмө үп көрүллүбүтүн, нэһилиэктэр, тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр тустаах көмөнү оҥороллорун бэлиэтээтэ. Хомууру ыытыыга атын улуустартан бытаарыы сүрүн төрүөтүнэн манна, миэстэтигэр байыаннай комиссариат суоҕа ыйылынна. Ол эрээри, ити бэрээдэктэниигэ кыаҕы биэрбитинэн мантан барааччылар докумуоннара туолуутугар улахан сыыһа-халты суоҕа этилиннэ.

Николай Бугаев СӨ сүрүннүүр киинэ ханнык хайысхаларынан үлэ ыытарын, быстах байыаннай хомуурга барбыттарга туох көмө оҥоһулларын, нэһилиэнньэ туох санаалааҕын кэпсээтэ. Ил Түмэн дьокутаата Геннадий Васильев “Модун” успуорт киинигэр үлэлээбит өрөспүүбүлүкэтээҕи мобилизация киинэ быстах хомуур кэмигэр туох үлэни ыыппытын туһунан кылгас иһитиннэрии оҥордо. Нэһилиэктэр баһылыктара миэстэтигэр туох үлэ барарын, хайдах дьаһанан олороллорун сырдаттылар. Нэһилиэк салалтатыттан уонна нэһилиэнньэттэн көмө үп хомулларын, ыҥырыллан барбыт биир дойдулаахтарын дьиэ кэргэттэригэр кыстыкка бэлэмҥэ, муус ылыытыгар, мас бэлэмнээһинигэр уо.д.а. өҥө оҥоһулларын туһунан билиһиннэрдилэр.

Александр Николаевич улуус улууска көмөҕө анал фонда тэриллибитин, улуус салайааччыларын иһиттэн нэһилиэктэри түөрт бөлөххө арааран үлэ ыытыллан эрэрин, ол бөлөхтөр сыһыарыллыбыт нэһилиэктэри кытары күннэтэ билсэ олороллорун сөптөөҕүнэн бэлиэтээтэ.

“Бүгүнҥү биһиги сүрүн сорукпут – байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллан уонна баҕа өттүлэринэн ытык иэстэрин төлүү барбыт биир дойдулаахтарбыт манна хаалбыт дьиэ кэргэттэрин туһугар долгуйбакка, санаарҕаабакка сылдьалларын курдук тэринии. Бу күннэргэ ыҥырыллан барбыт дьоммут инники кирбиигэ тиийиэхтэрэ, кыргыһыыга киириэхтэрэ. Биһиги бары долгуйа, аймана кэтэһэбит, кинилэр этэҥҥэ төннөллөрүгэр баҕарабыт. Бу ыарахан күннэргэ күүспүтүн түмүөхтээхпит. Хомуурга түбэспит дьиэ кэргэттэригэр, кинилэр кыһалҕаларыгар күннэтэ болҕомтолоох буолуохтаахпыт, көмөлөһүөхтээхпит, туох баарбытынан. Нэһилиэк баһылыктарыттан, тэрилтэлэр салайааччылартан саҕалаан, биһиги бука бары араас түгэннэргэ бэлэм буолуохтаахпыт,” — диэн эттэ түмүккэ Александр Жирков.

Ил Түмэн бастакы вице-спикерин бу сырыытын түмүгүнэн нэһилиэнньэттэн киирбит кэккэ боппуруостар СӨ Уопсастыбаннай балаататыгар уонна Өрөспүүбүкэ оперативнай ыстаабка тиксэриллэр гына хонтуруолга ылыныллылар. Сорох боппуруостары Александр Жирков салайан кэлбит бөлөҕө сонно тута тэриллибит нэһилиэнньэни кытары тус көрсүһүүтүгэр быһаарда.

Александр Жирков мустубут дьонҥо, улуус олохтоохторугар туһаайан бу тэрээһиннэр күннээҕинэн бүтэр быстах дьаһаллар буолбатахтар, бары уһун кэмҥэ уонна олохтоохтук үлэлэһэргэ бэлэм, тулуурдаах буолуохтаахпыт диэн эттэ.

С. Васильев. Ил Түмэн.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Моҕой сыла, мичик гын!

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

14 часов ago