Александра Бережнева: «Дойдуга таптал туохтан саҕаланарый?»
Куонкуруспут 22-с кыттааччыта Дьокуускайтан Бережнева Александра Ивановна:
Дойдуга таптал туохтан саҕаланарый?
Аан бастаан боруогу атыллаан тахсаммыт,
Аан дойду кэрэтин кэрэхсии көрөммүт,
Ырыаһыт чыычааҕы ырыатын сэргээммит,
Ытыһы күн уотун сыламар уунаммыт,
Оҕо саас кэмнэммэт дьолунан күлбүттэн?
Эбэтэр, ийэбит илгэ үүтүн иһэн,
Аҕабыт саргылаах алгыһын иҥэрэн,
Үс куппут биир тэҥник бөҕөргүү сандааран,
Абылыы, эҥээркэй сахалыы саҥаран,
Төрүт тыл сүмэтин иҥэрбит күнүттэн?
Өбүгэ барахсан олорбут олоҕун,
Өрдөөҕү кэмнэртэн үтүөкэн үгэһин,
Өлбөөрбөт күлүгүн өрүүтүн сырдатан,
Өйөбүл, өйдөбүл буоларын сыаналаан,
Үйэлэр тухары билинэ сылдьартан?
Сир-халлаан биллибэт эйгэтин бичийэн,
Киҥкиниир киэҥ куйаар суһумар сууланан,
Айылҕа манньытар маанытын ылынан,
Арчылыы харыстыыр аанньалга махтанан,
Бар дьоннуун силбэһэн биир тыыҥҥа киирэртэн?
Олоҥхо дойдутун оһуорун, ойуутун,
Номоххо, сэһэҥҥэ хаалларбыт тойугун,
Дорҕооно дуорайа ырааппыт ойдуотун,
Оһуокай күн эргиир үҥкүүтүн уруйун,
Тэтимэр олорсор күн өркөн дьонуттан?
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: