Александра Капитонова: «Эр Уолан Эн…»
18.10.2022, 19:00
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут сэттис кыттааччыта Горнайтан Александра Капитонова (Һуракаай):
Эр Уолан Эн…
Уол оҕо буолан
Күн сиригэр түһэргэр,
Үрдүк Айыылар
Эйиэхэ эрэ анаан
Аартык суолун арыйдахтара…
«Ханнык да кэмҥэ,
Күһэҥэ быстар
Ыар түгэнигэр,
Инники кэккэҕэ туран
Дьоҥҥун-сэргэҕин
Харыстаа, көмүскээ!»
Диэн алҕаатахтара
Уолан Эр Эн !
Түһэн биэримэ бэйэҕин,
Тутус өбүгэҥ үгэһин,
Иһит сүрэҕиҥ этэрин.
Чугуйума өстөөхтөн.
Улуу буойун эһэлэргин
Эн утумнаа!
Саха буоларгынан
Киэн тутун!
Эн Эр Уолан!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: