Салгыы
Александра СИВЦЕВА: “Кэтэһэн, икки саар икки ардыгар олорон хааллым”

Александра СИВЦЕВА: “Кэтэһэн, икки саар икки ардыгар олорон хааллым”

15.09.2024, 18:00
Александра Сивцева тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Быйыл саас Нам улууһугар өр сылларга буолбатах улахан халаан олохтоохторго улахан хоромньуну таһаарбыта. Күн бүгүҥҥэ диэри олохтоох салалталар кэккэ кыһалҕалаах боппуруоһу быһаара сылдьаллар. Араас уустук боппуруос күөрэйэн тахсан иһэр. Ол курдук, биир оннук кыһалҕалаах ааҕааччыбыт, Граф Биэрэгин аттыгар баар Кыһыл Дэриэбинэ олохтооҕо Александра Сивцева эрэдээксийэ биир буккуурдаах боппуруоһу быһаарсарыгар көмөлөһөргө көрдөстө.

Боппуруос салгыҥҥа ыйанна

— Мин дьиэбэр 38 сыл олорон кэллим. Бу сыллар тухары 1998 сылтан ыла дьиэбин уу түөртэ-биэстэ улаханнык ылбыта. Быйылгы халааҥҥа дьиэм олох ууга баран, киһи олорбот буолла. Хамыыһыйа анаан кэлэн көрөн баран, “киһи олорбот дьиэтэ, саахалланар туруктаах” диэн аак оҥорбута уонна “хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан дьиэ ылыаҕыҥ” диэбитэ. Онтон сотору буолан баран, олох да аккаастаан кэбиспиттэрэ — дьиэ ыларым көҥүллэммэт үһү. Төрүөтэ — “икки кыыһыҥ эйиэхэ “долялаахтар”, кинилэр иккиэн туспа дьиэлээхтэр эбит” диэн. Кыра кыыһым кэргэним өлөрүгэр кыра оҕо этэ. Саатар туох докумуоҥҥа олоҕуран аккаастаабыттарын эппэттэр, оҥорбут аактарын куоппуйатын илиибэр биэрбэттэр. Билигин дьиэм инчэҕэй, таах хаалан турар. Онон сайыны быһа докумуоннарбын кэтэһэн, төттөрү-таары сүүрэн, тугу да ситиспэккэ, икки саар икки ардыгар олорон хааллым. Кыстык кэллэ да, мин дьиэм боппуруоһа салгыҥҥа ыйанан турар. Уу ылбыт дьиэтигэр кыстыыр кыаҕым суох. Аккаастыыр да буоллахтарына, туох эрэ официальнай кумааҕыны туттарыахтаах этилэрэ буолбат дуо? Көрдүү сатыыбын да, биэрбэттэр. Дьиэм 68 кв м иэннээх. Кыргыттарым туспа дьиэлээх бэйэлэрэ ыаллар. Саатар бэйэм “долябар” сөп түбэһэр дьиэ миэхэ тоҕо кыаллыбатый? Кырдьар сааспар дьиэтэ суох олорон хааллым. Ол иһин ыксаан хаһыакка суруйан, “көмөлөһүҥ…” диэн көрдөһөргө күһэлинним, — диэн кыһалҕатын үллэһиннэ Александра Сивцева.

287 №-дээх ыйаахха олоҕуран

Нам улууһун Кыһыл Дэриэбинэ олохтооҕо Александра Сивцева бу уустук боппуруоһа хайдах быһаарылла сылдьарын туһунан биһиги “Биир кэлим сулууспа сакаасчыта” (“Служба единого заказчика”) МКУ дириэктэрин э. т. Алексей Кондаковтан ыйыталастыбыт.

— Александра Сивцева кыһалҕатын билэбит, үлэлэһэ сылдьабыт. Уопсайа, дьиэлэрэ туһаттан тахсыбыт 112 киһи испииһэккэ киирбитэ. Кинилэр дьиэлэрин боппуруоһунан СӨ Тутуу министиэристибэтэ дьарыктанар. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу дьонтон 78 киһи тустаах быраабылаҕа сөп түбэһэрэ бигэргэтиллибитэ. Айылҕа иэдээнигэр түбэһэн, олорор дьиэлэригэр улахан хоромньуга түбэспит дьону кытта биһиги «Об утверждении Правил предоставления гражданам выплат на приобретение, строительство или осуществление капитального ремонта жилых помещений в связи с утратой или повреждением жилых помещений в результате чрезвычайных ситуаций природного и техногенного характера, а также в результате террористических актов и (или) при пресечении террористических актов правомерными действиями» диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 2022 сыл ыам ыйын 19 күнүгэр тахсыбыт 287 №-дээх ыйааҕар олоҕуран үлэлэһэбит. Бу суолталаах докумуон 5‑с пуунугар араас ыксаллаах быһыыга-майгыга, ол иһигэр айылҕа иэдээнигэр түбэспит киһи түбэлтэ тахсар түгэнигэр дьиэ кэргэнин састаабыгар “доляҕа” киирбит дьоно суох буолуохтааҕа ыйыллар. Александра Сивцева дьиэ кэргэнин састаабыгар икки кыыһа “доляҕа” киирэ сылдьаллар уонна иккиэн бэйэлэрэ туспа дьиэлээхтэр. Оттон Быраабылаҕа атын дьиэлэрэ суох буолар эрэ түбэлтэлэригэр 287 №-дээх ыйаахха сөп түбэһэллэр. Бу боппуруоһу СӨ Тутуу министиэристибэтэ сүрүннүүр. Онон туох баар быһаарыы докумуоннарын министиэристибэ бэлэмнээн оҥорон ыытыахтаах. Ол официальнай докумуоннары туттахпытына, Александра Сивцеваҕа тиэрдиэхпит.

Эрэл кыыма уостубат

Бу матырыйаалы бэчээккэ бэлэмнии сырыттахпытына, Александра Сивцева маннык сонуннаах таҕыста:

— Балаҕан ыйын 11 күнүгэр Нам улууһугар СӨ борокуруора Максим Попов халаантан эмсэҕэлээбит дьону кытта көрсүөхтээх. Онно суруттара тиийбиппэр, улуустааҕы борокурору солбуйааччы Антонина Ускеева “эн дьыалаҥ уустук эбит, бу биир күннээҕи кэпсэтии буолбатах, бээтинсэҕэ приемҥа кэлээр” диэн эттэ. Онон санаам көтөҕүлүннэ, эрэл кыыма саҕылынна.

…Биллэн турар, айылҕа иэдээнигэр түбэһэн араас хоромньуга ыктарбыт дьон билигин, кыстыкка киирии кэмигэр, кыһалҕалара өссө сытыырхайара биллэр суол. Аппааны нэһилиэгин баһылыга Иван Ноговицыҥҥа эрийэн, Александра Сивцева кыһалҕалаах боппуруоһун ыйыталаспыппар, баһылык: “Биһиги нэһилиэкпитигэр маннык курдук кыһалҕалаах хас да киһи баар. Онон бу боппуруоһу хонтуруолга ылан олоробун. Үлэлэһэ сылдьабыт”, — диэн хоруйдаата.

2022 сыллаахха тахсыбыт 287 №-дээх ыйаах үлэлээбитэ иккис сыла. Быйыл Нам улууһугар буолбут сааскы халаан үгүс киһи ылбычча быһаара охсубат уустук боппуруостарын үөскэттэ. Кэпсэппит салайааччыларым бэлиэтииллэринэн, бу ыйаах олоххо киириэҕиттэн биһиги хаһыаппыт ааҕааччытын кыһалҕата бастакы түбэлтэ эбит. Онон Кыһыл Дэриэбинэ олохтооҕо Александра Сивцева бүгүҥҥү уустук боппуруоһа хонтуруолга ылыллан, сөптөөхтүк быһаарылларыгар эрэнэбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: