Александра Стручкова: «Бары биир санаанан тыылга кыайыыны уһанса сылдьарбыт биһигини кынаттыыр»

Share

Саха сириттэн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыастарга таҥас тигиитинэн дьарыктанар волонтер иистэнньэҥнэр хамаанданан күрэхтэһиилэрэ түмүктэннэ.

Бу үс күннээх иистэнньэҥнэр күрэстэригэр уонча хамаанда кытынна.
Булуҥ улууһун хамаандатын хапытаана Александра Стручкова күрэс туһунан санаатын үллэһиннэ:

— Биһиги «Yлэ-иис күрэҕэр» Дьокуускай куоракка олорор Булуҥтан төрүттээхтэр кытынныбыт. Уопсайа алта буолан иистэннибит. Бу биэс кыыс Булуҥ Күһүүрүттэн төрүттээхпит, урут дойдубутугар ательеҕа үлэлээбиппит. Биир кыыс Дьааҥыттан уоппускатыгар кэлэ сылдьарын кытыннардыбыт. Иистэнньэҥ идэлээх буоламмыт, улаханнык ыарырҕаппатыбыт, күрэхтэһии иннинэ үс күн маннык таҥаһы хайдах тигэргэ үөрэммиппит. Бу кыргыттар миигиттэн ураты туспа үлэлээхтэр, ол эрээри волонтердар күрэстэригэр кытталларын иһин сүрүн үлэлэриттэн көҥүллээбиттэрэ. Тэрилтэлэр салайааччылара маннык өйдөөн көҥүллүүллэрэ хайҕаллаах. Биһиги бу үс күн устата байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга кэмпилиэк таҥастары тиктибит. Бары биир санаанан тыылга кыайыыны уһанса сылдьарбыт биһигини кынаттыыр.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

50 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago