Бүгүн ураты тэрээһин буолла, Владимир Путин Арассыыйа Бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар киирэр үөрүүлээх күнэ үүннэ.
Биһиги байыаннай дьайыыга кыттыбыт буойуттарбытыгар улахан көмөнү, өйөбүлү оҥорор диэтэ «Аҕа дойдуну көсмүскээччилэр» пуондаларын Саха сиринээҕи филиалын салайааччыта Алексей Александров.
— Бүгүн Владимир Путин дуоһунаһыгар киирэр үөрүүлээх бэлиэ түгэнэ буолла. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара бары дьоруой буолалларын өссө төгүл бэлиэтээн эттэ. Бүгүн Владимир Путин тус өйөбүлүнэн «Аҕа дойдуну көсмүскээччилэр» пуондалара үлэлии сылдьар. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө, өйөбүл оҥоһуллар. Биһиги пуондабыт тэриллиэҕиттэн 6000 киһи өйбүлү ылла. Олус элбэх ыйытыы киирэр, онтон 90% хоруйданыллар, ол аата туолар. Үгүстүк дьон социальнай, мэдиссиинэ көмөтүгэр наадыйар уонна үп-харчы төлөбүрүн быһаартарар.
Бэрэсидиьэн бэйэтин ыйааҕынан биһиги пуондабытын тэрийбитэ, кини көмөтүнэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөбүт. Владимир Путин бэлиэтииринэн, биһиги Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ көмөлөһөр ытык иэстээхпит.
Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…
Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…
Саха сирэ "Патриотическай" ТОР федеральнай бырагыраама иитинэн 2024 сылга тиэхиньикэни тиэрдии былаанын толордо. Ол курдук,…
Нидерландыга 12 киһи улахан супермаркеттан тоҥ сугуну атыылаһан сиэн баран А гепатитынан ыалдьыбыт. Дойду уопсастыбаннай…
"Пушкин каартатын" көмөтүнэн, тыһыынчанан оҕо култуура тэрилтэлэригэр сылдьар, кэрэҕэ кыттыһар кыахтаннылар. "Пушкин каартата" култуура, дьиэ…
2025 сылга уоппускаҕа барарга саамай табыгастаах ыйдарынан от ыйа уонна алтынньы буолаллар. Бу туһунан РИА-Сонуннарга…